Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»
Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ:
— Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа туһулаан сиэрэ суох агрессияларын эмиэ көрдөрдүлэр. Курскай уонна Брянскай уобаластарга НАТО сэрии сэбинэн ракетнай ытыыларын Украина эрэсииминэн оҥортордулар. Ол түмүгэр өлбүттэр, эмсэҕэлээбиттэр бааллар.
Хомойуох иһин, уочараттаах агрессия иһин сөптөөх харда баар буолуо диэн Арассыыйа этиитин истибэтилэр. Онон хардата кэтэһиннэрбэтэ. «Орешник» диэн орто ыраахха көтөр ракетнай систиэмэнэн Украина Днепропетровскай куоратыгар байыаннай-бырамыысыланнай комплексын эбийиэктэрэ урусхалланнылар.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин бэйэтин этиитигэр биһиги дойдубут Арассыыйаҕа саба түһэргэ сирдэрин, ресурсаларын туран биэрэр судаарыстыбалар байыаннай эбийиэктэрин утары сэрии сэбин туһанар толору бырааптаах диэн этэн турар. Мин бэрэсидьиэммит бу этиитин толору өйүүбүн.
Биһиги Ийэ дойдубутун, кини хас биирдии олохтооҕун инникитин көмүскүүбүт. Кырдьык биһиги диэки уонна Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: