Айсен Николаев Бэрэсидьиэн Этиититтэн тугу күүтэрин кэпсээтэ

Share

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн, олунньу 29 күнүгэр, Федерация Сэбиэтигэр уонна бар дьонугар Этиитин иһитиннэриэҕэ. 

Быһа биэрии «Бастакы» уонна «Россия 1 » федеральнай ханаалларга Москва бириэмэтинэн 12:00 чаастан (Саха сиригэр 18:00 чаастан) саҕаланыаҕа.

«Дойдубут инники сылларга сайдар тосхоллорун кэпсиир Этии буолуоҕа. Бастатан туран, Арассыыйа олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуланыаҕа диэн эрэнэбин. Ону таһынан саҥа идиэйэлэр этиллиэхтэрэ, саҥа национальнай бырайыактар баар буолуохтара. Дьиэ кэргэн сылыгар биһиги Бэрэсидьиэммититтэн оҕолору, дьиэ кэргэттэри, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр саҥа көдьүүстэри күүтэбит. Итиэннэ судаарыстыба баһылыга социальнай өйөбүл миэрэлэригэр, чуолаан дьадайыыны кытта охсуһууга болҕомтотун эмиэ ууруоҕа дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын дуоһунаһыгар киирэн баран мин бастакы ыйааҕым дьадайыыны кытта охсуһуу диэн этэ. Бүгүн Бэрэсидьиэммит дьон олоҕун таһыма үрдүүрүгэр сонун этиилэри оҥороругар эрэллээхпин. Биллэн турар, экэниэмикэ, дьоҕус урбаан сайдалларыгар дьоһун соруктары туруоруоҕа, дойдубут иннигэр тыҥаан турар саҥа ыҥырыыларга хоруйдары биэриэҕэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев Владимир Путин Этиититтэн тугу күүтэрин туһунан санаатын үллэһиннэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago