Айсен Николаев: “Бэс ыйын 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөр эрэгийиэннээҕи пуонда үлэлиэҕэ”

Share

Ил Дархан Айсен Николаев олохтоох тэлэбиидэнньэнэн быһа эпиирин иннинэ саайтка 600-тэн тахса ыйытыы киирбит. Быһа сибээһи байыаннай эпэрээссийэ боппуруоһуттан саҕалаата.

“Саамай сүрүн, байыаннай эпэрээссийэ хонуутугар буола турар. Манна биһиги биир дойдулаахтарбыт, Арассыыйа, Саха сирин олохтоохторо илиилэригэр сэби-сэбиргэли тутан дойдуларын көмүскүүллэр, кыайыыны уһансаллар. Хорсуннук суох буолбут байыастарга сүгүрүйэбин. Хантараагынан кыттааччы да, мобилизованнайдар да, баҕа өттүнэн кыттааччылар да, бары саа-саадах тутан, биһиги тутулуга суох буолуубут иһин киирсэллэр.

Саха сирин байыастара хорсун быһыылары, эр санааны көрдөрөллөр. Салгыы даҕаны итинник буолуо диэн эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги — сахалар дойдубут ыарахан түгэнигэр көмүскүү барааччылар инники күөннэригэр тураллара”, — диэн эттэ. Итиэннэ Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана Саха сирэ туох кыалларынан көмөлөспүтүн аҕынна. Билигин өрөспүүбүлүкэ мантан туора турбатын санатта.

Москваҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин баазатыгар биир кэлим киин тэриллибитин эттэ. Байыаннай госпиталларынан сылдьан баааһырбыт байыастарга көмөлөһөрүн, манна кыттар волонтердарга махталын биллэрдэ. “Сотору дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин быһаарыытынан байыаннай сулуспалаахтарга көмөлөһөр пуонда тэриллиэҕэ. Бэс ыйын 1 күнүттэн эрэгийиэннээҕи салаа үлэлиэҕэ. Бу байыаннай сулууспалаахтарга эбии көмө, өйөбүл буоларыгар эрэнэбин. Билигин баар миэрэлэри аҕыйатыахпыт суоҕа. Бу пуонда эбии көмөнөн буолуоҕа”, — диэн иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан

Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…

3 часа ago