Айсен Николаев биир кэмнээх көмө оҥоһулларын туһунан ыйаахха илии баттаата
Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыттарга уонна кини дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх көмө оҥоһулларын туһунан ыйаахха илии баттаата.
Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыттарга уонна кини дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх эрэгийиэннээҕи көмө оҥоһулларын туһунан Ыйаахха илии баттаата. Ол курдук, анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр халымыр эчэйиини ылбыттарга 500 тыһыынча солк., ыараханнык бааһырбыттарга 750 тыһыынча солк., байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр өлбүттэргэ, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, 1 мөлүйүөн солк. көрүллүөҕэ. Ыйаахха этиллэринэн, анал эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт киһи эмтэнэ сытар сиригэр кини дьиэ кэргэниттэн биир чилиэнэ эбэтэр чугас киһитэ тиийэр ороскуота эмиэ уйунуллар.
Ил Дархан тустаах ыйааҕын сиһилии манна киирэн билсиэххитин сөп. https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3335869
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: