Айсен Николаев Булуҥ улууһугар бааһырбыт байыас дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ
Ил Дархан Айсен Николаев Булуҥ улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Тиксиигэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Аркадий Дьяконовы кытары көрүстэ. Байыас ааспыт ыйга, бэс ыйын 16 күнүгэр, байыаннай дьайыыга сылдьан бааһырыыны ылбыт.
«Булуҥ улууһугар оробуочай сырыым кэмигэр, оруобуна Аркадий дойдутугар кэлбит күнүн кытары сөп түбэспититтэн олус үөрдүм. Онон кинини кытары көрсөн кэпсэттим. Байыаннай дьайыы саҕаланаатын кытта, Аркадий дьиҥнээх патриот киһи быһыытынан баҕа өттүнэн аармыйаҕа сулууспалыы барбыта», – диэтэ Айсен Николаев.
Сулууспалыы барыан иннинэ, Аркадий Дьяконов Ис дьыала министиэристибэтин Булуҥ улууһунааҕы ИВС үлэлээбит.
Аркадий Дьяконов Ил Дарханы кытары көрсүһүү кэмигэр үс балтылааҕын уонна икки бырааттааҕын туһунан иһитиннэрдэ. Биир балтыта колледж бастакы кууруһун устудьуона, оттон кыра балта быйыл саҥа оҕо саадыгар барар.
Байыас төрөппүттэрэ үлэлииллэр уонна кыра оҕолорун көрөллөр. Кинилэр кэпсээбиттэринэн, Ил Дархан ыйааҕыгар олоҕуран, социальнай көмө миэрэлэрэ оҥоһуллалларын туһунан эттэ. Оҕолор улахан убайдарынан киэн тутталларын эттилэр.
«Биһиги дьиэ кэргэн Саха сирин волонтердарыгар махтанабыт. Кинилэр Аркадий бааһырыы ылбытын кэннэ тута госпитальга кэлэн күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара», – диэн ыал аҕа баһылыга махталын биллэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: