Айсен Николаев: «Бүддьүөт социальнай хайысхатын салгыы тутуһар»

Share

Өрөспүүбүлүкэбит кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөтүн сокуона бастакы ааҕыыга ылыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев федеральнай бүддьүөттэн кэлиэхтээх дотация кээмэйэ сарбыллыбатын бэлиэтээтэ.

Сокуоҥҥа национальнай бырайыактары таһынан 27 судаарыстыбаннай тосхоллорунан көрүллүөхтээх үбүнэн эргэ хаарбах дьиэлэртэн дьону саҥа дьиэҕэ көһөрүү, бүддьүөт тэрилтэлэрин уонна үлэһиттэрин хамнастарын үбүлээһин, онтон да атын араас өрүттээх үлэлэр толору кээмэйинэн салгыы ыытыллаллара барылланна.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ бүддьүөтү дьүүллэһиигэ тыл этэригэр байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллары ылыныы биир сүрүн сорук буоларыгар тохтоото. Бүддьүөккэ манна наадалаах үбүлээһиҥҥэ улахан болҕомто уурулунна. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга пленарнай мунньахха киирбит этиилэр уонна көннөрүүлэр иккис ааҕыыга бэлэмнэнии кэмигэр учуоттаныахтарын бэлиэтээтэ: « Бүддьүөт социальнай хайысхатын салгыы тутуһар. Манна, бастатан туран, ити тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолун итиэннэ социальнай өйөбүл дьаһалларын үбүлээһин киирэр. Сэтинньигэ өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин суумата чуолкайданан кэлиэҕэ, дотациялар сарбыллыбаттар. Итини уонна бэйэбит саппаастарбытын учуоттанан туран, инники сайдыыга хардыылыырбытыгар көмөлөһүөхтээх бүддьүөппүтүн бигэргэтиэхпит”.
Оттон парламент спикерэ Алексей Еремеев бигэргэтэринэн, төһө да уустук кэмнэр ыкталлар, сайдыыга туһуламмыт барыбыт эрэл санаата олоххо киирэр кыахтаах. Спикер сокуону көҕүлээн, бэлэмнээн киллэрбит Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба сыралаах үлэлэрин түмүгэр федеральнай бырабыыталыстыба дотация кээмэйин сарбыйбакка, төттөрүтүн, эбии үбүлээһини көрүүтэ билиҥҥи судургута суох кэмҥэ киини кытта көдьүүстээх кэпсэтии уонна олохтоох, ыллыктаах дакаастааһын түмүгэ буоларын, итиэннэ Саха сирэ боппуруостары бэйэтэ быһаарар кыахтааҕын туоһулуурун ыйда.

Елена Иванова, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыска: ЯСИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago