Айсен Николаев бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар үлэлиир
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар үлэлиир. Былырыын улууска гаастааһын киэҥ далааһыннаах үлэтэ саҕаламмыта.
— Өлүөхүмэҕэ гааһы тарҕатар ситим тутуутун үлэтин хаамыытын бэрэбиэркэлээтим. Гаас ситимин уһуна — 100 км. Үлэ тэтимнээхтик ыытылла турар, графиктан хаалыы суох. Күн бүгүн 25 км ситим сыбааркаланна. Былаан быһыытынан «Сахатранснефтегаз» 65 км сыбааркалыахтаах. Гаас ситимэ үлэҕэ киирдэҕинэ 1218 олорор дьиэ, куорат 17 хочуолунайа күөх төлөҥҥө холбонуоҕа. «Сахатранснефтегаз» оройуону гааһынан хааччыйыахтааҕын таһынан, оройуон, нэһилиэктэр социальнай-экономическай сайдыыларыгар улахан үлэни ыытар, — диэн телеграмҥа ханаалыгар суруйда.
Өлүөхүмэ оройуонун гаастааһын Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа өттүн гаастааһыҥҥа «Газпром» ПАУо кытары сөбүлэһии быһыытынан ыытыллар. Туһааннаах оройуоҥҥа бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы 5 ситими тутар итиэннэ 17 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 4747 дьиэҕэ гааһы холбооһун былааҥҥа турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: