Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньахтаата

Share

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев  олунньу 12 күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин уонна Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын салалтатын кытары уочараттаах пленарнай мунньаҕы ыытта.

 Айсен Николаев  хотугу сиргэ таһаҕаһы тириэрдии чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарын олоххо-дьаһахха суолталаах таһаҕаһынан хааччыйыы кыһыҥҥы суолу учуоттаан ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовниковка  кыһыҥҥы суол кэмигэр хотугу улуустарга таһаҕаһы элбэх кээмэйинэн тириэрдии наадатын туһунан эттэ.

Ил Дархан чуолаан ыраах сытар улуустарга социальнай эбийиэктэри тутууну хонтуруоллааһыны күүһүрдэр наадатын ыйда. Ону таһынан  өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ыытылла турар бырабыыталыстыба отчуоттарыгар улахан болҕомтотун уурда. Кини  өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо былаас уорганнарын  үлэтигэр бэйэтин этиитин киллэрэрин курдук,  нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэр аһаҕас  уонна кырдьыктаах буолуохтаахтарын бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа уонна “Дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда салаатыгар байыаннай сэрии кыттыылаахтарын оҕолоругар биир кэлим төлөбүр туһунан уларыйыылар киирбиттэринэн сибээстээн,  тустаах үлэни ыытарга эттэ.

Ил Дархан физическэй култуура уонна успуорт салаатыгар биир кэлим сыыппаралаах эйгэни оҥоруу, ускуустубаннай интеллект технологияларын уонна саҥа электроннай сиэрбистэри киллэрии сыыппаралаах трансформация сүрүн соруктарынан буолалларын ыйда.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago