Айсен Николаев: «Бырабыыталыстыба отчуоттарын аһаҕастык уонна судургутук, өйдөнүмтүөтүк уонна тэрээһиннээхтик ыытыахха наада»

Share

 СӨ Бырабыыталыстыбатын нэдиэлэтээҕи мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев кэлэр нэдиэлэҕэ саҥа соруктары туруорда. Олор ортолоругар ситэриилээх былаас нэһилиэнньэҕэ отчуота, социальнай төлөбүрдэр индексациялара, социальнай гаастааһыны салҕааһын, уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыы буолла.

Ил Дархан бэлиэтииринэн, ааспыт сылга оҥоһуллубут үлэлэри отчуоттааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ бары оройуона уонна куорат уокуруктара хабыллыахтара. Нэһилиэнньэ бырабыыталыстыбаны кытта көрсөргө дьулуһар,  ыйытыыларын биэрэллэригэр, атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэригэр тоҕоостоох түгэн буолар.

«Бырабыыталыстыба отчуоттарын аһаҕастык уонна судургутук, өйдөнүмтүөтүк уонна тэрээһиннээхтик ыытыахха наада», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын иннигэр соруктары туруорда. Маны сэргэ, аҕа баһылык байыаннай сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта тустаах боппуруостары быһаарарга куруук  билсэ, сибээһи тута олорор туһунан эттэ. «Маннык көрсүһүүлэр үөскүүр боппуруостары тута быһаарарга көмөлөөх буолуохтара», – диэн бэлиэтээтэ кини.

Ил Дархан бэлиэтииринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ федеральнай таһымҥа суолталаах боппуруостар ылыныллыбыттар.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан Арассыыйа Бырабыыталыстыбата быһаарыныы ылыммыт. Ол курдук олунньу 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэри 11,9% индексациялыахтара.

«Маны сэргэ, РФ  Бырабыыталыстыбата социальнай гаастааһын бырагырааматыгар эбии үп көрбүт. Арассыыйа кабмина 2 миллиард 300 мөлүйүөн солкуобайы дойду эрэгийиэннэригэр ыытыаҕа. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, дохуота тиийбэт, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эбии өйөбүл көрүллүөҕэ. гаастааһыҥҥа көрүллэр федеральнай субсидия кээмэйэ 100 тыһыынчаттан кыччыа суоҕа. Биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ туспа быһаарыныы ылынан олоробут. Ол курдук социальнай гаастааһыҥҥа эрэгийиэннээҕи субсидия көрүллүөҕэ. Кээмэйэ  150 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Бары субсидиялар, социальнай төлөбүрдэр суһаллык кэмигэр нэһилиэнньэҕэ тиийиэхтээхтэр.  Көмөҕө наадыйар бары араҥаҕа төлөбүрдэр оҥоһуллуохтаахтар », – диэн соруйда Айсен Николаев.

Маны таһынан Ил Дархан  РФ Бырабыыталыстабатын уурааҕа тахсыбытын иһитиннэрдэ. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри реестргэ  бэрээдэктээһини киллэрэргэ эттэ. Бу реестргэ  сирдэр ханан сыталларын, туохха туһаныллалларын, туох тутуу, үлэ ыытылларын дааннайдарын барытын киллэрэр буолуоҕа. Реестр туһунан дааннайдары сири уларсааччылар, уопсастыбанньыктар Госуслуга порталга киирэн көрүөхтэрин сөп. Федеральнай таһымҥа тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри туһаҕа таһаарыы буолуоҕа.

Маны таһынан уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыыга 2023-2024 сылларга национальнай баай-дуол пуондатыттан бырайыагы олоххо киллэриигэ 44 миллиард солк. ыытыллыаҕа.

Айсен Николаев бу үбүнэн аҥардас  уопсастыбаннай эрэ тырааныспар атыылаһар тутах диэн ыйбыт.

«Биһиги бу систиэмэ дьоҥҥо аһаҕас, судургу уонна өйдөнүмтүө буоларын курдук оҥоруохтаахпыт. Дьокуускай куоракка саҥа кыбартааллар тутулла туралларынан, уопсастыбаннай тырааныспардар сылдьар суолларын уларытыахтаахпыт», – диэн иһитиннэрбит Ил Дархан Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

8 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

9 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

10 часов ago