Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна дьаһалта салайааччылара устуоруйаны төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээтэ

Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна дьаһалта салайааччылара устуоруйаны төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээтэ

27.01.2025, 13:51
Хаартыска: Саргын Скрябин.
Бөлөххө киир:

Айсен Николаев бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Бырабыыталыстыба уонна дьаһалта салайааччыларын кытта нэдиэлэтээҕи былааннааһыны тест ыйытыыларыттан саҕалаата. Онон мунньах кыттыылаахтара дойду уонна өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр.

Манна Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан аныгы кэмҥэ диэри бэлиэ түгэннэр киирбиттэр.

“Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүл, өбүгэлэрбит хорсун быһыылара уонна аныгы кэм бэлиэ түгэннэрэ хас биирдии киһиэхэ суолталаах. Билиэхтээхтэр. Бүгүҥҥү мунньах бу бэлиэ түгэннэргэ анаммыт ыйытыылартан саҕаланна. Бу курдук көҕүлээһиннэр билиини эрэ бэрэбиэркэлииргэ көмөлөспөттөр, элбэх омуктаах Арассыыйа норуоттарын улуутун туһунан санаталлар. Түмүк көрдөрбүтүнэн, үгүстэр үчүгэй билиилээхтэр, ол эрээри, сорох тиэмэлэри дириҥэтэн үөрэтэр ирдэнэр эбит”, – диэн Айсен Николаев бэрэбиэркэ түмүгүн үллэстибит. Салгыы https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3481030 ааҕыҥ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: