Ил Дархан Айсен Николаев атырдьах ыйын 26 күнүгэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салалтатын кытта уочараттаах мунньаҕы ыытта.
Айсен Николаев Саха сиригэр саҥа үөрэх дьылын кэмигэр саҕалыырга сорудахтаата. «Саха сиригэр саҥа үөрэх дьыла балаҕан ыйын 2 күнүттэн саҕаланар. Онно бэлэмнэнии кэминэн ыытыллар эрээри, оскуолалар уонна атын үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэх дьылыгар бэлэмнэрин хааччыйыыга үлэни салгыахха наада», – диэн бэлиэтээтэ.
Саха сиригэр кыстыкка бэлэмнэнии туһунан эттэххэ, Ил Дархан Дьокуускай куорат дьаһалтатын элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри гаастааһыҥҥа саҥалыы холбонорго харгыстары суһаллык туоратар наадатын ыйда. Ил Дархан дойду Бырабыыталыстыбата айылҕа эбэтэр техногеннай характердаах ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит гражданнарга социальнай өйөбүлү оҥоруу көрдөрүүлэрин түргэтэтэргэ ыйбытын болҕомтотун уурда. Дойду бырабыыталыстыбата маны таһынан эмсэҕэлээбиттэргэ олорор дьиэни өрөмүөннээһиҥҥэ кэмпэнсээссийэ кээмэйин 1 кв. м. иэнигэр 7 тыһыынчаттан 9 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарбытын санатта. Итини кытта убаҕас айылҕа гааһын оҥорон таһаарар оборудованиены тастан киллэриигэ тарыыпка чэпчэтиини олохтообутун эттэ.
Маны сэргэ мунньах кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин хааччыйыыга, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна Саха сирин судаарыстыбаннай управлениетын тиһигин тупсарыыга саҥа Ыйааҕы олоххо киллэриигэ болҕомтотун уурда. Ону таһынан Айсен Николаев от хампаанньатын уонна хотугу оройуоннарынан оттугу, уматыгы тиэйии хаамыытын кытта билсистэ. Мунньах кыттыылаахтара Айсен Николаевка өрөспүүбүлүкэ быйылгы социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын тутаах көрдөрүүлэрин кытта билиһиннэрдилэр.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…