Айсен Николаев: «Быстах хомуур военкомакка өр сылларга улугуран турбут систиэмэ итэҕэһин-быһаҕаһын ырылыччы көрдөрдө»

Айсен Николаев: «Быстах хомуур военкомакка өр сылларга улугуран турбут систиэмэ итэҕэһин-быһаҕаһын ырылыччы көрдөрдө»

Ааптар:
28.10.2022, 20:41
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 28 күнүгэр, киэһэ Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия 24»  уонна  «Саха» НКИК канаалларга, ону тэҥэ, «Тэтим» араадьыйаҕа «Якутия, вперед!» биэриигэ алтынньыга туох-ханнык үлэ ыытыллыбыт туһунан кэпсээтэ.

Ил Дархан Айсен Николаев  быстах хомуур этэҥҥэ түмүктэммитин туһунан иһитиннэрдэ. «Быстах хомуурга РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ туруорбут былаана толорулунна. Билигин чопчу үлэлэр ыытыллаллар. Ол быһыытынан сыыһа-халты быһаарыынан тиийбит байыастары төнүннэриигэ үлэ барар. Салгыы байыаннай эбээһинэстээх, ол эбэтэр офицердары хомуйан ыытыыга болҕомто ууруллар. Бу — маассабай тэрийии буолбатах, үлэни чопчу ыытыы буолар.

Быстах хомуур военкомакка уонунан сылларга улугуран турбут систиэмэ итэҕэһин-быһаҕаһын, чуолаан матырыйаалынай-тиэхэньиичэскэй, цифровой технология өттүнэн хайдахпытын  уонна дьону байыаннай учуокка ылыыга баар итэҕэстэри барытын ырылыччы көрдөрдө.  Ол эрээри, Саха сирин олохтоохторо баар балаһыанньаны барытын өйдөөтүлэр. Онон улаханнык махтанабын. Ону тэҥэ, быстаах хомуурга ыҥырыллан билигин байыаннай чаастарга дьарыктана, бэлэмнэнэ сылдьар байыастарга ис сүрэхпиттэн махтал тылларын этэбин», — диэн эттэ.

Айсен Николаев бу күннэргэ Приморскай кыраайга баар байыаннай чаастарга сылдьан, Саха сириттэн тиийбит байыастары кытары көрүстэ.  «Элбэх көрсүһүүлэр буоллулар. Саха сириттэн тиийбит уолаттар баар балаһыанньаны дьэҥкэтик өйдүүллэр. Кинилэр дьиҥнээх эр дьоннор, дьоруойдар! Кинилэр чуолаан Арассыыйаны уонна Саха сирин көмүскүүр санааны ылыммыттар. Туох көмө оҥоһулларыттан саҕалаан баар кыһалҕалар хайдах-туох быһыылаахтык быһаарыллалларыгар тиийэ ыйыттылар», — диэн Айсен Сергеевич быһаарда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: