Салгыы
Айсен Николаев: «Черскэйгэ авиапорду тутуу судаарыстыба Арктикаҕа болҕомтото улаханын туоһулуур»

Айсен Николаев: «Черскэйгэ авиапорду тутуу судаарыстыба Арктикаҕа болҕомтото улаханын туоһулуур»

Ааптар:
30.11.2023, 22:17
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
«Тырааныспар нэдиэлэтин» чэрчитинэн, Черскэйгэ  саҥа аэропорду аһыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыта. Бу сэтинньи ортото буолбута. 
Бу үлэни сэргэ ууга барар эбийиэктэр кыһалҕаларын быһаарар инниттэн буору кутуу ыытыллыбытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев  «Якутия, вперёд!» диэн быһа эпииргэ кэпсээтэ.
Саҥа авиапорду аһыыга онлайн эрэсииминэн  РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин, РФ тырааныспарка миниистирин солбуйааччы Василий Десятков кыттыбыттара.
«Бу тэрээһин барыта судаарыстыба Арктиканы сайыннарыыга улахан интэриэстээҕин көрдөрөр. Бу судургута суох кэмҥэ судаарыстыба хотугу сирдэргэ авиапортары саҥардан оҥорууга үтүмэн үбү-харчыны көрөрө элбэҕи туоһулуур», — диэн быһаарда Айсен Николаев.
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: