Айсен Николаев дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиир
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык сибэтиэй кинээс Петр уонна кини кэргэнэ Феврония кэриэстэригэр ананар. Хас биирдии норуот номоҕор, сэһэнигэр тапталы уонна бэриниилээх буолууну туойар уран тыл үгүс. Биһиги олоҥхобутугар норуоппут туохтааҕар да үрдүктүк сыаналыыр баайынан дьиэ кэргэн буолара кэпсэнэр. Саха төрүт өйдөбүлүнэн киһи бу Орто дойдуга бигэ туруктаах дьиэ кэргэн тэринэн, Ийэ-Аҕа ууһун хаҥатар аналлаах кэлэр. Олоҥхо дьоруойдара аналларын көрдөөн араас харгыстары ааһан, дьиҥ дьолу – тапталлаахтарын булан үйэлэрин тухары бэриниилээх буолаллар.
Саха сирэ бигэ туруктаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэринэн аатырар. Дьиэ кэргэн иһигэр аҕа саастаах көлүөнэ илдьэ кэлбит үгэһин, үөрүйэҕин эдэр көлүөнэҕэ хаалларар, дьиэ кэргэннээх киһи өйүүр, өйдүүр уонна таптыыр дьоҕурдаах буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ дьиэ кэргэни өйүүргэ уонна көмүскүүргэ туһуланар. Кэлиҥҥи биэс сылга ийэ буолууну уонна оҕону көмүскээһин 8 төгүл үрдээтэ. Өскөтүн 2018 сылга өйөбүл суумата 3,5 млрд солкуобай эбит буоллаҕына, билигин 26,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Бу барыта Саха сирэ оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ – бастакы, дойдуга сэттис миэстэ буолан инники кэккэҕэ сылдьарыгар олук уурар. Россия Федерациятын Президенэ Владимир Путин Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүн уонна нэһилиэнньэ ахсаана элбээһинин бэлиитикэбит түмүгэ буоларын бэлиэтээбитэ.
Бу сыл тохсунньутуттан Россия Федерациятын Президенин сорудаҕынан биир кэлим босуобуйа төлөнөр. 5 млрд тахса солкуобай суумалаах өйөбүл 78 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо ананна.
Федеральнай көмөттөн ураты өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи кэккэ дьаһаллар ылыллыбыттара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын 10 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрэ шефтэһии көмөтүнэн хабыллаллар. Саха сирин олохтоохторо “Ийэҕэ көмө” волонтерскай хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттан элбэх оҕолоох уонна соҕотох ийэлэргэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр, төрөппүттэригэр көмөлөһөллөр.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр 118 тыһыынчаттан тахса оҕону тапталынан угуттаан иитэр 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баар, мин кинилэргэ махтанабын.
Туймаада Ыһыаҕа ыытыллар күнүгэр Саха сирин олохтоохторо күүтүүлээх сонуну истибиппит – Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит Сайыына кыысчаан күн сирин көрбүтэ. Бу күннэргэ үс игирэ уоллаах ийэ, ону тэҥэ 15-с оҕотун төрөппүт Сунтаар улууһуттан төрүттээх ийэ Национальнай медицинэ киинин Перинатальнай кииниттэн таҕыстылар. Оҕолорбут бары дьоллоох буоллуннар!
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Тапталгытын харыстааҥ, бэриниилээх буолуҥ, бэйэ бэйэҕитин өйдөһүҥ. Чэгиэн туругу, ситиһиилэри баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: