Ил Дархан нэдиэлэтэ. Айсен Николаев: «Дьоһун суолталаах докумуон»
21 км уһуннаах уулусса саҥардыллыаҕа
Кулун тутар 20 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьевтыын киин куораты сайыннарыы туһунан кэпсэттэ. Тутуу саҥа сезонугар бэлэмнэнии уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев былааннаммыт эбийиэктэр болдьоҕор үлэҕэ киириэхтээхтэрин, онуоха тиэтэйииттэн сылтаан тутуу, ол иһигэр суолу оҥоруу хааачыстыбата мөлтүө суохтааҕын эттэ. Быйыл Дьокуускайга хаарбах туруктаах 79 дьиэ көтүрүллүөхтээх. Куорат 2,4 тыһ. кэриҥэ олохтооҕо саҥа дьиэлэниэҕэ. «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан Ленин проспегын өрөмүөннээһин салгыы ыытыллыаҕа. Барыта 21 км уһуннаах уулусса саҥардыллыаҕа.
Сылгыһыт күнэ
Кулун тутар 21 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Сылгыны үөрдээн иитээччи күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Быйыл ураты тымныы кыһын ааспытын, онуоха идэтийбит сылгыһыттардаах буоламмыт, сыспай сиэллээхпит тыһыынчанан ахсааннаах үөрэ бу томороон тымныы ыйдары этэҥҥэ туораабытын бэлиэтээтэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы ахсаана 182 тыһ. куоһаран, Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр бастаан иһэр. Бу – сылгыны үөрдээн иитээччилэр өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар ыраах сытар мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныыны хааччыйар сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар.
Улахан пуорум буолуоҕа
Кулун тутар 22 күнэ. Ил Дархан уонна ХИФУ ректора Анатолий Николаев эрэгийиэҥҥэ улахан научнай тэрээһиннэри ыытыы боппуруостарын көрдүлэр. Бэс ыйын саҥата университет көҕүлээһининэн «Университеты и развитие геостратегических территорий России» диэн улахан пуорум ыытыллыахтаах. Онно дойду национальнай сыалларын ситиһиигэ, эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар университеттар оруолларын ырытыахтара. Билигин Саха сиригэр килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар аан дойду таһымнаах улахан кэмпириэнсийэтин суолтатын ырыттылар.
Суруналыыстары кытта көрсүһүү
Кулун тутар 23 күнэ. Айсен Николаев килиимэт уларыйыытын боппуруостарыгар аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ чэрчитинэн омук СМИ-лэрин бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ. Көрсүһүүгэ Греция, Монголия, Индия, Турция, Венгрия, Вьетнам, Пакистан, Ливан, Казахстан хаһыаттарын, ааҕыныстыбаларын, тэлэбиидэнньэлэрин суруналыыстара кытыннылар. Айсен Николаев килиимэт уларыйыытыгар, ирбэт тоҥ ириитин, сааҥсыйа усулуобуйатыгар Саха сирин сайдыытыгар, Арассыыйа доҕордуу дойдуларын кытары бииргэ үлэлээһин хайысхаларыгар сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаата.
Николай Корчуновы кытта
Ил Дархан Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтин ураты сорудахтарга посола, Арктика сэбиэтин ыстаарсай дуоһунастаахтар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Николай Корчунову кытары көрүстэ. Дипломат килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар Дьокуускайга ыытылла турар аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ суолтатын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтигэр кэмпириэнсийэни ыытарга Саха сирин көҕүлээһинин өйөөбүтүгэр махтанна. Арктика сэбиэтигэр Арассыыйа бэрэссэдээтэллээһинин дьаһалларын былаанын чэрчитинэн Саха сиригэр «Туруктаах сайдыыга Хотугу пуорум» диэн аан дойдутааҕы III уонна IV пуорумнар, Дьокуускайга «Арктика – сайдыы сирэ-уота» диэн куорат табыгастаах эйгэтин хааччыйарга аналлаах кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр таба иитиитигэр норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы чөмпүйэнээт буолан ааста.
Саха сирэ уонна Монголия
Айсен Николаев Монголия бэрэсэдьиэнин сүбэһитэ, хотун Мунхмарал Тумэннасаны кытта көрүстэ. Ил Дархан Саха сирэ Монголияны кытта экэниэмикэ, култуура боппуруостарын бииргэ үлэлэһэрин эттэ.
«Саха сирэ Монголияны урут-уруккуттан ыкса сибээстээх. Кэлиҥҥи сылларга киинэ уонна успуорт эйгэтигэр үлэ барар. Убатыллыбыт айылҕа гааһын экспорга таһаарыыга болҕомто ууруллар, бу хайысхаҕа үлэ тэтимирэригэр интэриэстээхпит», – диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга үллэһиннэ.
Дьоһун суолталаах докумуон
Килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕар Гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ федеральнай сулууспа, СӨ Бырабыыталыстыбата, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаата, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, СӨ Наукаларын академията килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин чинчийии боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, Росгидромет салайааччыта Игорь Шумаков, РНА Сибиирдээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Валентин Пармон, ХИФУ ректора Анатолий Николаев, СӨ Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров илии баттаатылар. Ил Дархан бу сөбүлэһии Дьокуускайга ыытыллыбыт норуоттар икки арадыларынааҕы бастакы научнай-практическай кэмпириэнсийэни түмүктүүр дьоһун суолталаах докумуон буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирэ килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин, киһи олоҕор дьайыытын, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы боппуруостарыгар сабыдыалын кэлимник үөрэтии киинэ буоларынан, бу үлэҕэ өрөспүүбүлүкэ бары научнай институттара кыттыыны ылалларын, онон Саха сирин уопутугар тирэҕирэн, холбоһуктаах үлэ кэлимник, өссө далааһыннанан ыытыллыаҕын туһунан эттэ. Сөбүлэһии чэрчитинэн, холобур, карбоновай полигон тэриллиэҕэ.
«Муус устар» бэстибээл
Кулун тутар 24 күнэ. Ыччакка аналлаах «Муус устар» бэстибээл чэрчитинэн Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар ГТО-ну туттарыы финала ыытылынна. Тоҕус улуустан кэлбит хамаандалар 11 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. Кыттааччылары Айсен Николаев, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа олимпийскай чөмпүйүөн Камила Валиева, спортивнай гимнастикаҕа олимпийскай чөмпүйүөн Никита Нагорнай, кини кэргэнэ, спортивнай гимнастикаҕа олимпиада призера Дарья Нагорная, художественнай гимнастикаҕа олимпийскай чөмпүйүөн Ксения Дудкина, юниордарга Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ Лала Крамаренко кэлэн өйөөтүлэр.
«Дойду бэрэсидьиэнэ тоҕус сыллааҕыта ГТО хамсааһынын сөргүппүтэ. «Муус Устар» бэстибээл чэрчитинэн ГТО комплексыгар хайысха баар буолбута хайҕаллаах. Дойдубутугар патриотизм, успуорт уонна култуура үтүө үгэстэрэ сөргүтүллэллэрэ үөрдэр. Ыалдьыттарбыт, биллэр спортсменнар, холобурдарын ыччаппыт, оҕолорбут батыһыахтарыгар эрэнэбин», — диэн Ил Дархан эҕэрдэлээн эттэ.
Орто Халымаҕа
Кулун тутар 25 күнэ. Ил Дархан Орто Халымаҕа үлэлээтэ. Улууска тиийээт, сааскы халаан уута куттала суох ааһарыгар бэлэмнэнии боппуруоһугар мунньаҕы ыытта. Былырыын Орто Халыма сэлиэнньэлэрин уу ылан, кутталы үөскэппитэ.
«Халыма өрүскэ халаан өрүү судургута суохтук ааһар. Зырянкаттан Орто Халымаҕа диэри саамай уустук учаастак буолан, сылын ахсын манна харгыс үөскүүр. Ону учуоттаан, муниципальнай, эрэгийиэннээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи сулууспалар бары бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Халаан кэмигэр быһыы-майгы мүнүүтэ иһигэр уларыйар. Биир сүрүннээх үлэттэн, суһал быһаарыныылары ылынартан халаан этэҥҥэ ааһара тутулуктаах. Үлэ былаанын оҥорон, билиҥҥиттэн саҕалыахха наада, — диэн Айсен Николаев эттэ. Халыма өрүскэ харгыс тахсыан сөптөөх сирдэргэ мууһу чарааһатыы үлэтэ Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар барар.
Байыас ийэтин кытта көрсүһүү
Орто Халыма улууһугар сырыытын кэмигэр Айсен Николаев байыаннай дьайыыга кыттар байыас ийэтэ Валентина Ляшколыын көрүстэ. Ярослав байыаннай дьайыыга сулууспалыы былырыын муус устарга барбыт. Бэс ыйыгар кини подразделениета ахсааннарын быдан баһыйар өстөөхтөрүн утары киирсиигэ киирбит. Киирсии кэмигэр бииргэ сылдьар байыастарын көмүскүүр сыалтан өстөөхтөрү утары уоту аспыт. Байыаннай дьайыыга ыарахан бааһырыыны ылбыт, Москваҕа операцияланан, Хабаровскай госпиталыгар эмтэниини ааспыт. Ахсынньыга уоппускатыгар дойдутугар кэлэн дьонун көрсүбүт. Салгыы байыаннай чааһыгар төннөн уонна байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийбит. Соторутааҕыта Орто Халыма дьаһалтатыгар командованиеттан махтал сурук кэлбит. Ярослав «Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ» диэн статуһу ылбыт. Ил Дархан Айсен Николаев байыас ийэтигэр махтанна уонна РФ Оборуонаҕа министиэристибэтиттэн көрүллэр бары төлөбүрү ыларыгар, сөптөөх көмөнү оҥороллоругар соруйда.
Быыһааччыларга саҥа тиэхиньикэни
Кулун тутар 26 күнэ. Айсен Николаев Орто Халымаҕа быыһааччыларга халыҥ хаар, бадараан устун холкутук айанныыр, устар, элбэх таһаҕаһы тиэйэр ыарахан уйуктаах, ичигэс тиэхиньикэ күлүүһүн туттарда. Красноярскайтан Дьокуускайга соторутааҕыта аҕалбыт анал тиэхиньикэни Орто Халымаҕа кыһыҥҥы суолунан Саха сирин быыһааччыларын сулууспатын үлэһиттэрэ «Куттала суох Арктика» экспедиция чэрчитинэн сүүрдэн аҕалбыттар. Былырыын биэс улууһу хааччыйар Орто Халыматааҕы сулууспаҕа анал быыһыыр массыына биэрбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: