Салгыы
Айсен Николаев Дьокуускай талааннаах оҕотун кытта көрүстэ

Айсен Николаев Дьокуускай талааннаах оҕотун кытта көрүстэ

02.12.2024, 19:37
Хаартыска: Андрей Сорокин.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайыгар, Дьокуускай куорат оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Мирон Потаповы көрүстэ. 

Үөрэнээччи Ил Дарханы кытта бэйэтин үлэтин уонна идиэйэтин туһунан кэпсээри приемнууругар көрдөспүт.

Мирон ИТ кулуупка “Робототехника” хайысхатынан дьарыктанар. Маҥнайгы кылаастан ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу боппуруоһун үөрэтэр. Уол тиэмэтин иһиттэн билээри элбэх институттарга, ол иһигэр ирбэт тоҥу үөрэтэр институкка сылдьыбыт. Эрдэ тутуу миниистирэ Виктор Романовы, Саха сирин сүрүн архитектора Любовь Папогу кытта көрсө сылдьыбыт. Кини ордук Арассыыйа космонавт-лүөччүктэрин  Андрей Борисенконы уонна Олег Артемьевы кытта көрсүһүүтүн өйдөөн хаалбыт. Манна кини куосмастан сири үөрэтии боппуруоһун уонна космическай аппарааттартан араас тиэхиньикэни салайыыны тэрийии туһунан элбэҕи билбит.

Мирон – өрөспүүбүлүкэ уонна куорат таһымнаах кэккэ билим күрэстэрин кыайыылааҕа. Программированиены таһынан успуордунан уонна моделированиенан дьарыктанар. Бу көрсүһүүтүн кэмигэр Айсен Николаевка элбэх кыбартыыралаах дьиэ макетын уонна тутуу үлэтин оҥорор бэйэтэ бырагыраамалаабыт робот-массыыналар моделларын көрдөрбүт.

“Инникитин ИТ технологиянан дьарыктаныахпын, ирбэт тоҥҥо олорор дьиэни тутар тиэхиньикэни бырагыраамалыахпын баҕарабын. Кинилэр биһиги спутниктарбытыттан тыйыс хотугу усулуобуйаҕа үлэни салайыахтарын сөп”, – диэн кырачаан чинчийээччи санаатын үллэстэр.

Айсен Николаев Мирон Потапов программист буолар баҕа санаатын өйөөтө уонна бу эйгэҕэ саҥа бырайыактары оҥоруутугар ситиһиилэри баҕарда.

Хаартыска: Андрей Сорокин.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: