Салгыы
Айсен Николаев Дьокуускай төһө тупсаҕай көрүҥнэнэн эрэрин бэрэбиэркэлээтэ

Айсен Николаев Дьокуускай төһө тупсаҕай көрүҥнэнэн эрэрин бэрэбиэркэлээтэ

03.08.2024, 19:50
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 3 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Сайсары күөл кытылын үрдэ уонна Роман Дмитриев аатынан кытыл үрдэ төһө тупсаҕай көрүҥнэнэн эрэллэрин, Ленин болуоссата хайдах оҥоһулла турарын бэрэбиэркэлээтэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.  

“Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн тутулла турар бары эбийиэктэр, уопсастыбаннай эйгэлэр куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар олус суолталаахтар. Ханна эрэ бытаарыы баар, ханна эрэ былаантан түргэтээһин баар, ол эрээри сүнньүнэн бырайыак быһыытынан тутулла тураллар. Сайсары күөл тулата, сөтүөлүүр сир таһынан Роман Дмитриев кытылын үрдэ тупсаҕай көрүҥнэнэн эрэллэрэ харахха быраҕыллар, ону таһынан киин болуоссаппыт олох атын көрүҥнэнэн эрэр”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Сайсары күөл кытылын тупсарыллар сирин иэнэ 44,45 га.  Манна оҕо оонньуур, спортивнай былаһааккалара, автобус тохтобуллара, велосуоллар, былаһааккалар, пирстар уонна амфитыйаатыр, сатыы киһи туоруур муосталара баар буолуохтара.

Билигин манна бордюрдары, ууну ыытар лотуоктары, Лермонтов уулуссатын кыйа тас сырдатыы үлэлэрэ бара тураллар. Филармония тумуһаҕын уонна Ойуунускай уул. – Сэргэлээх шоссетын хардарыта аасыһар сирдэрин икки ардынааҕы кытылы тааһынан кута сылдьаллар. Ийэ искибиэригэр бордюрдары уура, ууну ыытар лотуоктары, сырдатар уоттары туруора, кафе туруохтаах сирин оҥоро сылдьаллар.

Тупсарыы кэнниттэн Сайсары кытылын үрдүгэр уонна Ийэ искибиэригэр сылга 215 тыһ . киһи сылдьар буолуоҕа. Эбийиэк бэлэмэ 47 %-ҥа тэҥнэһэр. 25 киһи үлэлиии сылдьар.

Бу кэнниттэн Айсен Николаев Роман Дмитриев аатынан кытыл үрдүн төһө оҥорон эрэллэрин баран бэрэбиэркэлээтэ.

Кытыл үрдүн уһуна 1,14 км. Манна куорат сөтүөлүүр сирэ эмиэ киирсэр.

Сынньалаҥ зонатыгар ыскамыайкалар, сабыылаах хачыаллар, тренажердар, о.д.а. киирэллэр.

Күн бүгүн Хабаров уулуссатыттан Ларионов уулуссатыгар диэри тротуар билиитэтин уура сылдьаллар. Велосуол оҥоһуллан бүтэн эрэр.

Ларионов уулуссатыттан лодочнай ыстаансыйаҕа диэри амфитыйаатыр оҥоһулла турар.

Сөтүөлүүр сиргэ бетону кутуу бүппүт, тыастан хаххалыыр панеллары оҥоро сылдьаллар, тырааныспар турар былаһаакката бэлэмнэнэр, 3 амфитыйаатыр каркааһа тахсыбыт.

Тутуу бэлэмэ 75%. 60 киһи үлэлиир.

Бүгүн Ил Дархан маны таһынан Ленин аатынан болуоссат хайдах оҥоһулла турарын бэрэбиэркэлээтэ.

Киин куорат киин болуоссатыгар үлэлэр 2023 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр саҕаламмыттара.

Бырайыак быһыытынан манна скейт-паарка, “Булгунньах” амфитыйаатыр, кураанах фонтан уонна 13 миэтирэлээх 12 сэргэ туруохтаах.

Күн бүгүн “Булгунньах” сытыары өттүн бетоннаабыттар, гидроизоляционнай хаттыгаһын уура сылдьаллар.

Кураанах фонтан үлэтэ эмиэ бүтэн эрэр.

Сэргэлэр сорохторо аҕалыллыбыттар, кинилэри туруорарга тимир-бетон фундаменнары оҥоро  сылдьаллар, кинилэри уонна болуоссаты сырдатыахтаах уот лиинийэлэрэ тардыллаллар. Сибэкки клумбаларын уурар гранит блоктары ууруу былаан быһыытынан бара тураллар.

Үлэ уопсай бэлэмэ — 52%, 52 киһи үлэлиир.

Ил Дархан тутааччыларга уонна куорат дьаһалтатыгар Дьокуускай куорат күнүн көрсө Ленин болуоссатын уонна Роман Дмитриев аатынан кытыл үрдүн бүтэрэллэригэр сорудахтаата.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 49% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: