Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката сылга 100 мөлүйүөн устуука сымыыты оҥорор былааннаах
Бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» АУо оҥорон таһаарар кыаҕын сайыннарыы боппуруостарынан миэстэтигэр тиийэн мунньахтаата. Ил Дархан 18-с №-дээх бырамыысыланнай сыахха уонна сымыыты суордунан араарар сыахха сырытта.
Айсен Николаев Көтөр фабрикатын салалататын иннигэр эрдэ 2024 сылга диэри сылга 100 мөлүйүөн устуука сымыыты оҥорон таһаарыыны ситиһиэхтээххит уонна Дьокуускай куораты бүтүннүү хааччыйыахтааххыт диэн соругу туруорбута.
«Кэлиҥҥи 5 сылга манна оҥорон таһаарыы биллэрдик улааппытыттан уонна салайыыга көдьүүстээх ньымалары туһаналларыттан үөрэбин. Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката – өрөспүүбүлүкэҕэ аска-үөлгэ, тыа хаһаайыстыбатыгар куттал суох буолуутун хааччыйар бастакы күөҥҥэ сылдьар тэрилтэнэн буолар. Бүгүн тэрилтэ сылга 83-84 мөлүйүөн сымыыты оҥорор кирбиигэ эрэллээхтик таҕыста. Оттон быйыл 91 мөлүйүөнтэн тахса сымыыты оҥорон таһаарыа. Көтөр фабрикатын кэллэктиибин уонна салалтатын үлэ көдьүүһүн үрдэтэллэрин уонна оҥорон таһаарыыны саҥатытан иһэллэрин иһин махтанабын. Бу тэрилтэ сөптөөх хайысханан баран иһэр, онон Көтөр фабрикатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын өссө дэлэтэригэр биһиги инникитин даҕаны өйүөхпүт», – диэн Айсен Николаев эбийиэктэри көрөрүгэр бэлиэтээн эттэ.
Көтөр фабриката 2021-2024 сс. сайдар кэскилин чэрчитинэн инвестиционнай тэрээһиннэр былааннаммыттара, ол иһигэр 18-с №-дээх бырамыысыланнай сыах хапытаалынай өрөмүөнэ баар.
Тэрилтэ гендириэктэрэ Наталия Дягилева бэлиэтээбитинэн, 2023 с. сымыыты оҥорон таһаарыы кэриҥин улаатыннарыынан сибээстээн оборудование кыамтатын улаатыннарыыга саҥатытыы барыан наада. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ чааска 90 тыһыынча устуукаҕа диэри оҥорон таһаарар суортуур саҥа массыынаны ылары былаанныыр. Итини таһынан Көтөр фабриката көтөрү астыыр автоматизированнай сыаҕы тутуу боппуруоһун туруорсар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: