Айсен Николаев Дьокуускайга сотору ДСК үлэтин сөргүтэрин туһунан эттэ
Дьокуускайга сотору кэминэн Дьиэни тутар кэмбинээт (ДСК) үлэтин сөргүтэрин туһунан бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, “Прямой разговор” биэриигэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
“Хас да сыллааҕыта ДСК сабыллыбыта. Онно мин өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар оҥорон таһаарар былаһаакканы оннунан хаалларар туһунан боппуруоһу көрөргө сорудахтаабытым, ол кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипэтиэкэ ааҕыныстыбатын нөҥүө собуот иэнин атыылаһарга быһаарыы ылыныллыбыта. Биллэн турар, 80-с сылларга үлэҕэ киирбит производственнай илииньийэлэр бу кэм устата эргэрдэхтэрэ. Билигин саҥа тэрили таҥыы түмүктэнэр эрэр”, — диэтэ эрэгийиэн Ил Дархана.
Айсен Николаев бырайыак сүрүн соругунан хамсаабат баай-дуол сыаната үрдээһинин тутуу буоларын ааттаата. Кини этэринэн, бастаан собуот 50 тыһыынча квадратнай миэтэрэ олорор дьиэни таһаарыаҕа. Онтон салгыы кыамтаны 100 тыһыынча квадракка диэри улаатыннарыахтара.
“Бу аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр панеллар буолуохтара, ол иһигэр сылааһы тутар. Уонна, биллэн турар, бу дьиэлэр түргэнник тутуллуохтара. Сүрүн сорук – куоракка кэнники сылларга аһары барбыт сыананы тохтотуу”, — диэтэ кини.
Саха сирин Тутууга министиэристибэтигэр чопчулаабыттарынан, 2024 сыл бүтүүтэ “РИА-Строй” хампаанньа Дьокуускайга тутуу матырыйаалын боруобалаан оҥорон таһаарыыны торумнуур.
Билигин бэлэмнэнии үлэтэ барар. “РИА-Строй” хампаанньа комплексы саҥардыыга Арассыыйатааҕы автоматизированнай тэрили ылбыт, истиэнэ панелларын оҥорор установканы, арматурнай сыах автоматизированнай иһэрдэр илиинньийэтин уо.д.а. киллэрэн туран.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: