Айсен Николаев Дьокуускайга улахан социальнай эбийиэктэр тутууларын хаамыытын көрдө

Share

Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактар уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааматын иитинэн үлэҕэ киириэхтээх эбийиэктэр тутууларын, саҥардыллыыларын сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕын ыытта.

Дьокуускай куоракка ыытыллар социальнай суолталаах бөдөҥ эбийиэктэр тутууларын – “ПроШкола” ХЭУо кытта түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэҥ иитинэн тутуллар үөрэх тэрилтэлэрин, “Хотугу сулус” сылы эргиччи үлэлиир оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын бөҕөргөтөр киин, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер, ону тэҥэ, “Спортивнай” түөлбэ территориятын комплекснай сайдыытын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Мунньахха улахан болҕомтону Саха сиригэр тутуу кылгас кэмҥэ ыытыллар уратытын учуоттаан, бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ уонна эбийиэктэр тутууларыгар уурдулар.

Ил Дархан бу эбийиэктэр Саха сирин олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын үрдэтиигэ суолталаахтарын ыйда.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

“Дьон кэтэһэрин учуоттаан, бу социальнай эбийиэктэри бырайыактааһыны, тутууну уонна үлэҕэ киллэриини тэтимирдиэхтээхпит. Холобур, “Хотугу сулус” оҕо киинин тутуутун түһүмэхтэрин быһаарар, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер былаһааккатыгар үлэһит ахсаанын эбэр ирдэнэр. Хааччахтааһыннары аахсыбакка туран, мэдиссиинэ тэриллэрэ кыраапыкка олоҕуран туруоруллуохтаахтар, таҥыллыахтаахтар. “Спортивнай” түөлбэҕэ уһуйаан уонна успуорт комплексын тутуута быйыл атырдьах ыйыгар саҕаланыахтаах, ол иннинэ 130 кыбартыыраҕа олохтоохтору киллэриэхтээхпит”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев сорудах биэрдэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago