Айсен Николаев: «Дьон-сэргэ былааска итэҕэлин түһэн биэрбэт гына хаачыстыбалаах үлэ оҥоһуллуохтаах»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр тулалыыр эйгэни тупсарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ икки федеральнай бырайыак үлэтин бэлиэтээтэ:

— “Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии” уонна”Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырайыактар сүнньүлэринэн 170 уопсастыбаннай тиэргэн тупсарылынна. Балартан 60 тиэргэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар олоххо киирдэ: Сунтаарга уонна Майаҕа оҥоһуллубут, тупсарыллыбыт болуоссаттар, Намҥа уонна Ньурбаҕа дьон сынньанар сирдэрэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар сынньалаҥ пааркалара.

Тулалыыр эйгэни тупсарыыга хаачыстыбалаах үлэни оҥорууга эппиэтинэстээх сыһыан ирдэнэр. Миэхэ социальнай ситимнэр нөҥүө элбэх хаартыска кэлэр. Ол курдук, хаар түһэ турдаҕына аспаал тэлгэтиллэрин, хаачыстыбата суох былаһааккалар тутуллалларын туһунан хаартыскалар, суруктар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан киирэллэр. Онон эппиэтинэстээхтэр туталыыр эйгэни тупсарыыга үрдүнэн-аннынан буолбакка, хаачыстыбалаах үлэни тэрийиигэ кыһаныахтаахтар. Үлэ дьон-сэргэ былааска итэҕэлин түһэн биэрбэт гына оҥоһуллуохтаах.

Үүнэр 2023 сылга саҥа улахан бырайыактар былааннаналлар. “Орто Сала” диэн Алдан оройуонугар эко-паарка тутуллуоҕа. Ленскэйгэ Ойуунускай аатынан уулусса тупсарыллыаҕа, Өлүөхүмэҕэ куорат паарката оҥоһуллуоҕа. “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырайыак салгыы үлэлиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago