Салгыы
Айсен Николаев: Донбасска көмөҕүт иһин махтанабын

Айсен Николаев: Донбасска көмөҕүт иһин махтанабын

Ааптар:
24.11.2022, 10:36
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 14 күнэ. Ил Дархан Мииринэйдээҕи тиэхиньии­чэскэй кэллиэс кэлэктиибин уонна устудьуоннарын дойду Бырабыыталыстыбатын хаачыс­тыбаҕа бириэмийэтин ылбыттарынан эҕэрдэлээтэ.

Кэллиэс Уһук Илиҥҥэ маннык ситиһиилээх соҕотох үөрэх кыһата буолар. Бу бириэмийэни иккис төгүлүн ылбытын бэлиэ­тиир тоҕоостоох.

Наҕарааданы туттарыы сэтинньи 11 күнүгэр Москваҕа «Аан дойдутааҕы хаачыстыба күнэ» норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум чэрчитинэн буолла. Бириэмийэни кэллиэс дириэктэригэр Владимир Березовойга дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – бырамыысыланнас уонна атыы-эргиэн миниистирэ Денис Мантуров туттарда.

Донбасска көмө

Сэтинньи 15 күнэ. Дьо­куускайга Донбасска баран үлэлээбит быраастар биригээдэлэрэ төннөн кэллэ. Айсен Николаев миэдиктэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

«Донбасс олохтоохторугар мэдиссиинискэй көмөҕүт иһин барыгытыгар истиҥ махталбын биллэрэбин. Тыһыынчанан консультация, сүүһүнэн эпэрээссийэ оҥорбуккут – киһи уонна быраас быһыытынан хорсун быһыы», – диэн эттэ Айсен Николаев.

Алтынньы 15 күнүттэн Донбасска үлэлээбит миэдиктэр биригээдэлэрин салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан 2,5 тыһыынча кэриҥэ консультация уонна ону таһынан эпэрээссийэлэри оҥорбуттарын иһитиннэрдэ.

Кини Ил Дархаҥҥа уонна өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыс­табылыгар министиэристибэтигэр Кировскай куорат олохтоохторун махталларын тиэртэ.

Ил Түмэҥҥэ

Сэтинньи 16 күнэ. Ил Түмэн мунньаҕар норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ 2022 сыллааҕы бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэрэр сокуон бырайыагын ылыннылар.

Өрөспүүбүлүкэ 2022 сылга судаарыстыбаннай бүддьүөтүн барыллаан дохуота 43 млрд кэриҥэ солкуобайынан улаатта уонна 318 млрд 750 мөл. солкуо­бай буолла.

Айсен Николаев өрөспүү­бүлүкэ 2022 сыллааҕы бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэриигэ эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна дойду бүддьүөккэ, нолуокка уонна таможеннай-тарифнай бэлиитикэтигэр, итиэннэ бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэртэн киирэр нолуоктарга олоҕурбуттарын бэлиэтээтэ.

Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ нолуоктан уонна нолуогу таһынан киирэр дохуоттара 15 млрд солкуоба­йынан улааталлара былааннанар уонна 166 млрд тахса солкуобай буолуохтара.

Маны сэргэ төннөрүллүбэт киириилэр кээмэйдэрэ элбээтэ, ити 27 млрд солкуобайынан улаа­тыаҕа. Ол курдук, федеральнай бүддьүөттэн өссө 6 млрд солкуобайы тыырыахтара, ону таһынан, 20,8 млрд солкуобайы дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ дьиэ­-уот хомунаалынай ха­­һаайыстыбатын реформа­лааһыҥҥа үлэлэһэр пуонда – судаарыстыбаннай корпорация биэриэҕэ.

2022 сылга ороскуот кээмэйэ 43 млрд солкуобайынан улаатара уонна 353 млрд солкуобай буолара күүтүллэр. Харчыны, бастатан туран, олох-дьаһах хайысхаларыгар ыытыахтара. Ол курдук, ити үп аһы-үөлү аҕалыы орос­куотун сорох чааһын төннөрүүгэ, улуустар икки ардыларыгар көтөр аалларынан сырыы элбииригэр, халаан таһаарбыт хоромньутун сабыыга, итиэннэ социальнай өйөбүлгэ уонна хамнас алын кээмэйэ үрдээбитинэн тахсыбыт ороскуоттарга барыаҕа.

Дьокуускай – “Килбиэннээх үлэ куората”

Сэтинньи 16 күнэ. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа Дьокуускай уонна Алдан куораттарыгар «Килбиэннээх үлэ куората» диэн ааттаах уонна ити бочуоттаах ааты иҥэрэр туһунан дойду Бэрэсидьиэнин ыйааҕын суруга киллэһиктээх стелалары оҥорон туруорарга соруйда.

«Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Саха сирэ Улуу Кыайыыга сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Тыылга үлэ биир хайысхатынан  «Аляска – Сибиир» салгын трассатын тохтобула суох үлэлиирин хааччыйыы буолбута. Биир дойдулаахтарбыт күннээҕи үлэҕэ кыайыылара эмиэ улахан суолталаах. Оччотооҕуга мөлү­йүөнүнэн киһи дойдуга «Барыта фроҥҥа! Барыта кыайыы туһугар!» диэн санаанан салайтаран үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Маннык үрдүк ааты иҥэрии – сахалар уопсай кыайыыга кы­­лааттарын туоһута, бүтүн норуоппут иһин киэн туттуу буолар», – диэтэ Айсен Николаев.

Барытын каадыр быһаарар

Сэтинньи 16 күнэ. Ил Дархан Уһук Илиҥҥэ салайар каадырдары бэлэмниир «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама кыттыылаахтарын кытта көрүстэ. «Бу улахан суолталаах бырагыраама. Уһук Илини сайыннарыыга турар уустук соруктары толорууга анал сатабыллар ирдэнэл­лэр. Финалга тахсыбыт курсаннар кыахтарын, кинилэр үөрэнэн бүтэллэрин күүппэккэ, күн бүгүн туһаныахха наада», – диэн бэ­­лиэтээтэ Айсен Николаев.

«Муравьев-Амурскай 2030» бырагырааманан үлэ быйыл ыам ыйыгар саҕаламмыта. Кыттааччылары талыыга 2,5 тыһыынча эдэр дьон киирсибитэ. Кинилэртэн финалга 55, ол иһигэр Саха сириттэн 2 киһи тахсыбыттара. Бу дьон сэттэ быра­йыактыыр хамаандаҕа арахсан, анал хайысхаларынан үлэлии сылдьаллар. Бырагыраама тэрийээччилэрэ – Арассыыйа Федерациятын Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ итиэннэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга корпорация.

Нолуок хомуллуута элбиир

Сэтинньи 17 күнэ. Айсен Николаев бу күн Арассыыйа Саха сиринээҕи федеральнай но­­луок сулууспатын салайааччыта Владимир Софроновтыын көрсөн нолуок бүгүҥҥү көрдөрүүлэрин дьүүллэстэ. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын тутаах көрдөрүүлэрин уонна Биир кэлим нолуок счетун институтун киллэрии боппуруостарын ырытыы буолла. Ол курдук, быйыл 11 ый устата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 146 млрд солкуобай киирбит.  Бу былырыын ити кэмҥэ киирбиттэн 22 млрд солкуобайынан эбэтэр 18% элбэх. Федеральнай бүддьүөккэ нолуок киириитин үрдээһинин тэтимэ эмиэ ити курдук – быйыл тохсунньу – алтынньы ыйдарга 17 млрд киирбит. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 12,5% элбэх.

Тырааныспар нэдиэлэтэ

Сэтинньи 17 күнэ. Москваҕа Тырааныспар нэдиэлэтигэр Айсен Николаев Судаарыстыбаннай тырааныспар лизинговай хампаанньатын генеральнай ди­­риэктэрэ Евгений Дитрихтиин көрсөн өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын ырытыстылар. Салайааччылар Өлүөнэтээҕи бассейн таһаҕаһы уонна дьону таһар флотун саҥардыыга үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата устар ааллары тутааччылары субсидиянан уонна судаа­рыстыбаннай мэктиэлээһининэн өйүүргэ былаанныыр. Оттон Судаарыстыбаннай тырааныспар лизинговай хампаанньата устар аалларын бырайыактарын судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэн үбүлээһиҥҥэ көмөлөһүөҕэ.

Маны сэргэ сөбүлэҥ чэрчитинэн Ил Дархан «Метеор 120Р» түргэн аалы лизининэн ылыыга дуогабар түһэристэ.

Айсен Николаев көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ өрүс флотун сүрүн кыһалҕатынан устар аалларын эргэриилэрин бэлиэтээтэ. Өлүөнэ хорук тымырдарынан устар 1768 араас аал учуокка турар. Бу ааллар орто саастара – 41 сыл. Нуорма быһыытынан ити сыыппара 24 сыл буолуохтаах.

Сэтинньи 18 күнэ. Ил Дархан дойду тырааныспарга миниис­тирин солбуйааччы Василий Десятковтыын көрсөн 2024 сылга диэри магистральнай инфраструктураны кэҥэтии уонна саҥардыы кэлим былаанын тэрээһиннэрин туолуутун туһунан кэпсэттилэр. Бу бырагырааманан Саха сиригэр 12 аэропорт саҥардыллан тутуллар. Салайааччылар аэропорт комплекстарын реконструкциялааһыҥҥа баар уустуктары уонна Дьокуускай куорат аэропордун сөмөлүөттэр балаһаларын реконструкциялааһын үлэтин салгыы ыытыы боппуруостарын быһаарыстылар. Маны сэргэ салайааччылар гражданскай авиа­ция  Дьокуускайдааҕы авиационнай-тиэхиньиичэскэй училищетыгар саҥа үөрэнэр куорпуһу уонна уопсай дьиэни тутуу туһунан кэпсэттилэр.

Национальнай бырайыактар

Сэтинньи 18 күнэ. Айсен Николаев национальнай быра­йыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн эбийиэктэри тутуу суһал ыстаабын мунньаҕын ыытта. Ил Дархан Уус Алдан Бороҕонугар элбэх өҥөнү оҥорор чэбдигирдэр-спортивнай комплексы уонна 450 миэстэлээх оскуоланы тутуу хаамыытын көрдө. Эбийиэги тутуу бэлэмэ – 66 %. Маны сэргэ Айсен Николаев Сунтаар бөһүөлэгэр бассейннаах спортивнай комплексы   тутууга улахан хаалыы баарын ыйда.  Ил Дархан Тутуу министиэристибэтигэр үлэ бы­­лааннаммыт хаамыытын ситиһиигэ кэккэ миэрэлэри ыларга соруйда.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга эбийиэктэри тутуу бытаарыытыгар бэдэрээтчиттэр буруйдаахтарын, эбэһээтэлистибэлэр туолбат түгэннэригэр  кытаанах миэрэлэри ылыныахпыт диэн бэлиэтээтэ.

Афанасий Ноев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: