Айсен Николаев Өлүөхүмэ оройуонугар чөлүгэр түһэрии үлэтигэр сүбэ мунньаҕы ыытта

Share

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Өлүөхүмэ оройуонугар чөлүгэр түһэрии үлэтигэр сүбэ мунньаҕы ыытта.

“Бүгүн сүрүн сорук – дьон сайабылыанньа биэрэн, төлөбүрдэрин ылалларын курдук түргэнник хоромньу кээмэйин быһаарыы, ону тэҥэ эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ чөлүгэр үлэни түһэрэр туһугар тутуу матырыйаалын кээмэйин чопчулааһын. Ким даҕаны иэдээни кытта бэйэтэ туран хаалыа суохтаах. Биһиги кылгас болдьоххо уонна үчүгэй хаачыстыбалаахтык  чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытарга бары дьаһаллары ылыныахпыт”, — диэн чопчулаата Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.

Кини биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы туспа оробуочай бөлөҕү 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин чөлүгэр түһэрэргэ тэрийэргэ сорудахтаата.

Барыллаан ааҕыынан, халаантан Өлүөхүмэ оройуонугар 502 киһи эмсэҕэлээтэ.  gosuslugi.ru судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар ЫБМ түмүгэр эмсэҕэлээбит дьонтон материальнай биир кэмнээх көмөнү ылыыга сайабылыанньаны тутуу саҕаланна. Сайабылыанньалары Өлүөхүмэ куоратын МФЦ-гар эмиэ туталлар.

Саха сирин Ил Дархана тустаах сайабылыанньаны толорууга дьоҥҥо көмөлөһөллөрүгэр сорудахтаата. Кини бастакы уочарат наадалаах малы-салы сүтэриинэн биир кэмнээх материальнай көмө  уонна атын төлөбүрдэр толору кээмэйинэн бэриллиэхтээхтэрин ыйда. Бу сыалга үп-харчы СӨ Бырабыыталыстыбатын саппаас пуондатыттан көрүллэр.

Мунньах кэмигэр Айсен Николаев дьиэлэри тутан турар конструкциялар туруктарын сыаналыырга болҕомтону туһаайда. СӨ Тутууга министиэристибэтигэр Өлүөхүмэ оройуонугар сөптөөх исписэлиистэри ыытар наадата ыйылынна.

“Умнас” массыына суолун уу ылбыт учаастагар суол үлэтэ салҕанар. Сотору 1 Нөөрүктээйи сэлиэнньэтигэр диэри суол аһыллыахтаах.

Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыам ыйын 16 күнүгэр дизельнэй генераторы үлэлэппиттэрэ. Сотору Бирюк сэлиэнньэтигэр уоту биэриэхтэрэ. Кыыллаахха ДГ-500 дизель-генераторы быстах схеманан уотунан хааччыйар туһугар тиэрдиэхтэрэ. Саха сирин баһылыга нэдиэлэ иһинэн уотунан хааччыллыахтаахтар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев Өлүөхүмэ оройуонугар  агрокомплекс эбийиэктэрин туруктарын сыаналыырга, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр көмөнү оҥорорго эттэ.

Маны сэргэ кини куруук ууга барар сирдэртэн дьону көһөрүү боппуруоһун көрөргө сорудахтаата.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago