Айсен Николаев эрэгийиэн авиа хампаанньаларыгар кэскиллээх соруктары туруорда

Share

Хааччахтааһын баарын үрдүнэн, “Якутия” уонна “Полярные авиалинии” авиа хампаанньалар бигэтик үлэлии тураллар. Дьону таһааччылар саҥа усулуобуйаҕа көтөр суудуналар пааркаларын саҥардаллара уонна көтүүгэ куттал суох буолуутун хааччыйаллара ирдэнэр диэн Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиринээҕи авиа хампаанньалар үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэлэрин түмүгүн көрдө, чугастааҕы кэмҥэ соруктары туруорда.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата, “Якутия” авиа хампаанньа сүрүн соругунан Дьокуускай аэропордун көтөр-түһэр балаһата саҥардыллыытын иккис уочаратын кэмигэр тиһигин быспакка дьону таһыыны хааччыйыы буоларын ааттаата. Балаһаны сайыҥҥы уоппускалар кэмнэригэр саҥардыахтаахтар. Ыам ыйыттан бэс ыйыгар диэри — 1650 миэтэрэ балаһа, атырдьах ыйыгар диэри – 1800 миэтэрэ.

Балаһа кылгаатар да, “Якутия” хампаанньа S7 Airlines авиа хампаанньаны сэргэ киин хайысхаларынан дьону таһыаҕа.  Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Андрей Винокуров иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥүтэ Нижневартовскай аэропордун нөҥүө тиксиһиннэрэр рейстэри тэрийии барыйаанын көрөллөр. Оччотугар дьон 2021 сылга курдук айаҥҥа 9-10 чааска диэри бириэмэни ыыппакка, 8 чааска диэри бириэмэ барыан сөп.

Хааччахтааһынан сибээстээн, былырыын авиа хампаанньа көтөр суудуналарын ахсаана аҕыйаабыт. Ол да буоллар, “Якутия” авиа хампаанньа 670 тыһ. киһини таспыт, ол иһигэр федеральнай субсидиянан – 112 тыһ. киһини. “Аврора” Уһук Илиҥҥи биир кэлим хампаанньа иитинэн – 135 тыһ. тахса киһини.

Билигин көтөр суудуналары элбэтии соруга турар. Барыллаан чахчынан, “Якутия” авиа хампаанньа, “Аврора” 2024 сыл түмүктэниэр диэр ылыахтаах Sukhoi Superjet 100 тас дойду оҥоһугун солбуйар саҥа сөмөлүөттэрин туһаныан сөп.

Өссө биир суолталаах хайысха – киин уонна Уһук Илин хайысхаларынан дьону таһыыга анал тарыып субсидиятын федеральнай бырагыраамата олоххо киириитэ. Былырыын Уһук Илиҥҥи бырагыраама 5 маршруттан 18-ка тиийэ эбиллибитэ. “Аврора” авиа хампаанньа код-шеринг дуогабарынан уопсай кээмэйэ 2 273 мөл. солк., “Якутия” авиа хампаанньа дьону таһыыга толорор өлүүтэ уопсай бырагыраама 45% тэҥнэһэр. Быйыл “Якутия” быһа холуйан муус устарга Харбиҥҥа сырыытын сөргүтэр былааннаах.

Хаарчахтааһыны киллэрбит дойдулар ыгыылара “Полярные авиалинии” хампаанньаҕа кыратык билиннэ, ол да буоллар тэрилтэ тас дойду оҥоһугун чопчу көтөр суудуналарынан солбуйар боппуруоһу быһаарар.

Былырыын хампаанньа үлэ оҥорон таһаарар уонна үпкэ көрдөрүүлэрэ салгыы үрдээбиттэр. Дьону таһыы 161 тыһ. тахсыбыт, ити ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 23% эбиллибит, эбэтэр 29 733 айанньытынан.

Дьон хото айаннааһыныгар Ил Дархан арктика улуустарын олохтоохторугар билиэт төлөбүрүн сылы эргиччи субсидиялыыр туһунан быһаарыыта уонна бу сыалга анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 600 мөл. солк. тиийэ үбүлээһини эбиитэ оруоллаах диэн тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров бигэ эрэллээх. Сыл устата авиа хампаанньа бу бырагырааманан 22 тыһ. киһини таспыт.

Айсен Николаев мэхэниисим көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ уонна субсидиялаах таһыыга тэтими ыһыктыбаттарыгар соругу туруорда. Кини этэринэн, бырагыраама социальнай эрэ суолталаах буолбатах, ырыынакка үчүгэй түмүгү аҕалар.

Ил Дархан “Полярные авиалинии” баазатыгар бас билэр зондировщик-сөмөлүөт тэрилин үбүлээһин боппуруоһун быһааралларыгар Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата. Бүгүн угуллубут үп кэлин атын авиа хампаанньалартан көтөр суудуналары түүлэһии оннугар бүддьүөккэ кэмчилээһини аҕалыаҕын бэлиэтээтэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago