Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ оттооһун хаамыытын тэтимирдэргэ сорудахтаата
Ил Дархан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин боппуруостарынан муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара кыттыылаах мунньаҕы ыытта.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 435 тыһ. туонна оту, 14 тыһ. туонна сенаһы, 29 тыһ. туонна сиилэһи бэлэмниир былааннаммыта. Бары улуустарга от үлэтэ күүскэ барар, кэккэ улуустарга көрдөрдүү 30-40 % тиийдэ, ол эрээри, билиҥҥитэ намыһах көрдөрүүлээхтэр бааллар.
“Бары улуустарга оту хаһааныыга кээмэйи улаатыннарар кыах баар. Саамай сүрүнэ табыгастаах кэми мүччү туппат уонна үлэни сөпкө тэрийэр ирдэнэр” – диэн Ил Дархан эттэ.
Суһал иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ 129 тыһ. га тахса оттуур сири охсон, 112 тыһ. туонна оту бэлэмнээбиттэр. Оттооһун хаамыытынан инники күөҥҥэ Муома улууһа – былаантан 248 %, Жатай бөһүөлэгэ — 160%, Нам — 39%, Ленскэй — 39%, Уус Алдан — 35%, Орто Халыма — 34%, Кэбээйи — 32%, Өлүөхүмэ – 32% уонна Хаҥалас улуустара — 30% иһэллэр.
Барыта 22 тыһ. тахса киһи оттуур, 9 тыһ. тахса тыраахтар, 2 тыһ. тахса механизированнай, 3 тыһ. тахса полумеханизированнай тиэхиньикэ сыһыарыллыбыт, 82 ат-илии уонна 2 тыһ. кэриҥэ илии звенолара үлэлииллэр.
Ыраах сытар оттуур учаастактарга үлэлииргэ Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Орто Халыма, Томпо улуустарыгар 55 мобильнай биригээдэни тэрийбиттэр. Кинилэр 1 тыһ. туоннаттан тахса оту бэлэмнээбиттэр.
Айсен Николаев баһылыктар дакылааттарын истэн баран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр оту, сиилэһи уонна сенаһы толору кээмэйинэн бэлэмнээһин үлэтин толорууну тэрийэргэ, хоту улуустарга сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини ураты хонтуруолга ыларга сорудахтаата. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: