Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансерын тутуу хаамыытын билистэ
23.11.2023, 12:10

Хаартыска: https://www.sakha.gov.ru/new
Бөлөххө киир:
Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансерын тутуу хаамыытын билистэ. Улахан суолталаах эбийиэк «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл үлэҕэ киирэр.

Ил Дархан диспансеры тутуу хайдах-туох бара турарын көрдө-иһиттэ уонна тустаах толорор уорганнарга, бэдэрээт быһыытынан үлэлиир тэрилтэлэргэ эбийиэги ахсынньы бүтүүтэ үлэҕэ киллэрэллэригэр эттэ. Кини ылыныллыбыт кыраапык олоххо киириэхтээҕин ыйда. Санатар буоллахха, тустаах докумуоннарга уларыйыылар киирэннэр эбийиэги үлэҕэ киллэрии болдьоҕо уһаан биэрбитэ. «Эбийиэги тутууга өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан хампаанньалара — «Адгезия» уонна «Кинг-95″тэрилтэлэр ылса сылдьаллар. Мөлтөх диир кыаҕым суох эрээри, саамай эппиэттээх кэмҥэ тутуу тэтимэ бытаарда. Тахсыбыт кыһалҕа үлэһит илии тиийбэтин кытта сибээстээх. Ол эрээри, сыал-сорук — биир, быйылгы сыл бүтүүтэ эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх», – диэн үлэни толорооччуларга эттэ.
Бүгүҥҥү туругунан эбийиэккэ ис үлэ үмүрүтүллэн эрэр. Оҥоһуллан бүппүт учаастактарга мэдиссиинискэй оборудованиелары таҥан туруоруу саҕаламмыт. Ол курдук, аппаратуура сүрүн өттө таҥыллыбыт, ол иһигэр компьютернай томограф, ангиограф, рентген-аппарат бааллар.
Эбии үлэһит илии ахсаанын элбэтии боппуруоһа быһаарыллар. Нэдиэлэ анараа өттүнээҕини кытта тэҥнээтэххэ, билигин оруобачайдар ахсааннара 50-тан 90-ҥа диэри элбээбит.
Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовниковка уонна СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романовка тутуу хаамыытын кытаанах хонтуруолга ылалларыгар сорудахтаата.
Санатар буоллахха, бу эбийиэк «Искэн ыарыыларын утары» федеральнай бырайыак «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыагын чэрчитинэн тутуллар. Маны РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы көҕүлээбитэ.
Санатар буоллахха, 2018 сылга диэри искэн диспансера биэс этээстээх дьиэҕэ баара. Ити сыл Айсен Николаев диспансерга сылдьан баран, саҥа эбийиэк тутуллан үлэҕэ киириэр диэри Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа көһөрөргө быһаарбыта. 2019 сылга Ил Дархан диспансер иккис уочаратын тутарга РФ Федерацияҕа Сэбиэтигэр үбү көрөргө сайаапканы түһэрбитэ уонна «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыакка хабыллыбыта. 2022 сыл атырдьах ыйыгар РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Дьокуускайга кэлбитигэр, эбийиэгэ тутуу боппуруоһа көрүллүбүтэ.
Бу күннэргэ Михаил Мишустин быһаарыытынан федеральнай бүддьүөттэн диспансеры тутууну үмүрүтүүгэ эбии 1,2 млрд солк. көрүлүннэ.




Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: