Айсен Николаев гааһынан хааччыйыы инфраструктуратын саҥардыыга этиилэри киллэрдэ

Share

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы уонна Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев салайан ыыппыт энэргиэтикэ боппуруостарын быһаарыы мунньаҕар кыттыыны ылла. 

Кини бэйэтин этиитин Арассыыйа энергиэтикэҕэ министиэристибэтигэр аадырыстаата.  Ил Дархан Дьокуускайга кэлэр Дьокуускайдааҕы ГРЭС магистральнай газопроводын бастакы утаҕа олох мөлтөх туруктааҕар болҕомтону туһаайда, гааһы хааччыйар инфраструктура эргэрбитин бэлиэтээтэ.

Энэргиэтикэ министиэристибэтин уонна дойду бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн үһүс утаҕы бүтүннүү өрөмүөннээн, ахсынньыга үлэҕэ киллэрбиппит. Аны бастакы утаҕы өрөмүөннээһини  былааҥҥа киллэрэн, олоххо киллэрэн барыахпыт. Ол эбэтэр генерациялыыр эбийиэктэри Дьокуускайга эмиэ  тутуохпут. Ол эрээри, хомойуох иһин, гааһы биэрэр кыахпыт суох буолуо. Маны таһынан ыксаллаах балаһыанньа үөскүөн сөп, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан Айсен Николаев 2030 сылга эрэгийиэҥҥэ уот эниэргийэтэ тиийбэт буолуута тахсыан сөбүн ыйда.

Мунньахха Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥэ инвестиционнай бырайыактар ​​уотунан хааччыллыыга ыарахаттары көрсөллөрүн ыйда. Маны тэҥэ, олохтоммут болдьоххо тутуллар энергетическэй эбийиэктэр ахсааннара инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ ситэри буоларын хааччыйар наадалааҕын тоһоҕолоото.

Арассыыйа энергиэтикэтин министиэристибэтин чахчытынан, 2024 сылга уопсай туһаныы 74,3 млрд киловатт-чаас буолбут, ол аата 2023 сыллааҕар 5,2% элбэх. 2024 уонна 2030 сыллар икки ардыларыгар үүнүү 4,9% (дойду үрдүнэн 2,1%) уонна кэлэр кэмнэргэ 1,38% (дойду үрдүнэн 0,94%) буолара сабаҕаланар. Сотору кэминэн Арассыыйа энэргиэтикэҕэ министиэристибэтэ бырагырааманы 2030, 2036 уонна 2042 сылларга диэри кэмнэргэ арааран чуолкайдыырга этиилэри киллэриэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

14 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Атаарбыта буолан абыраары…

Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр суругунан литература 125 сыла бэлиэтэниэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл-бит

Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…

2 часа ago