Салгыы
Айсен Николаев Горнай улууһун хамаандатын – «Муус устар» ыччат бэстибээлин кыайыылаахтарын кытта көрүстэ

Айсен Николаев Горнай улууһун хамаандатын – «Муус устар» ыччат бэстибээлин кыайыылаахтарын кытта көрүстэ

02.03.2024, 17:32
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 2 күнүгэр Горнай улууһугар командировкаҕа бара сылдьан, «Муус устар» ыччат бэстибээлин быйылгы кыайыылаахтарын – Горнай улууһун хамаандатын кытта көрүстэ.

“Тыҥааһыннаах, улахан күөн күрэскэ кыайыылах тахсыбыт уонна Саха сирин бастыҥ ыччатын улууһунан ааттаммыт Горнай улууһун иллээх хамаандатын өссө биирдэ эҕэрдэлиибин. Маладьыастар, бэстибээл булгуччулаах сочуотугар киирэр 10 куонкуруска ситиһиилээхтик кытынныгыт” – диэн Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан “Муус устар” бэстибээл Саха сирин ураты көҕүлээһининэн буоларын, киэҥ далааһыннааҕынан уонна ис хоһоонунан Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэрин ыччакка бэбиэскэтин куоһурарын бэлиэтээтэ. Бэстибээл өрөспүүбүлүкэни билиһиннэрэр тэрээһинэн буолар. Маны хабар ыыра кэҥээн уонна кыттааччытын ахсаана эбиллэн иһэрэ туоһулуур.

Быйыл 14 трек, 24 куонкурус ыытылынна. Бэстибээл иитинэн бу эрэгийиэннэри кытта телемост буолла: Москва, Владивосток, Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэр, ДНӨ Кировскай куората. “Саха сирэ – эдэрдэр уонна креативнайдар эрэгийиэннэрэ” тиэмэҕэ “Өлүөнэтээҕи кулууп” аналитическай киин мунньаҕа буолла. Өскөтүн бастакы бэстибээлгэ тэрийээччилэр кыттааччылары көрдөөн булбут эбит буоллахтарына, билигин улахан күөн күрэс уонна бастакы миэстэ иһин күүстээх туруулаһыы бэлиэтэнэр.

Горнай улууһун хамаандатын кыттааччылара хамаанданан үлэ уонна улуус көхтөөх ыччатын көмөлөрүнэн кыайбыттарын бэлиэтииллэр. “Туллукчаана” оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ Айтал Никаноров “Мин дьиэ кэргэним – мин Арассыыйам!” трек иитинэн “Дьоллоох дьиэ кэргэн – дьоллоох Өрөспүүбүлүкэ” хаартыска күрэҕэр Горнай улууһун элбэх сэлиэнньэтиттэн көхтөөхтүк кыттыбыттарын этэр. Бу куонкурус дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыта.

Ол курдук, хаартысканан күрэххэ Маҕарастан Никаноровтар, Бэрдьигэстээхтэн Макеевтар, Парфеновтар, Каракановтар, Күөрэлээхтэн Игнатьевтар, Өртөн Александровтар, Ааһыматтан Леонтьевтар, Орто Суртан Сухановтар, Дьиикимдэттэн Спиридоновтар кыттыбыттар, бу хаартысканан куонкуруска хамаанданан бастакы миэстэни ыларга кыах биэрбит.

“Мин кэргэммин Саргылана Петровнаны кытта “Туллукчаана” оҕону сайыннарар кииҥҥэ үлэлиибит. Сэттэ оҕолоохпут, өйөбүл бары миэрэтин туһанабыт. 150 кв.м. иэннээх дьиэ туттубуппут. “100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал үбүнэн иккис биэбитин ылбыппыт. Биһиги – уһуйаан үлэһиттэрэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Этиитигэр 2025 сылтан уһуйааннарга хапытаалынай өрөмүөн бырагыраамата киирэрин үөрэ иһиттибит. Бырагыраамаҕа хапсыахпыт диэн эрэнэбит” – диэн Айтал Никаноров этэр.

Ыстатыйа толору көрүҥүн манна ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: