Айсен Николаев: «Халааны, баһаары утары бэлэмнэнэбит»
Бүгүн киэһэ «Якутия, впереди!» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кыттан, кулун тутар ыйга өрөспүүбүлүкэ туох үлэни-хамнаһы, кэпсэтиилэри ыыппытын туһунан түмэн кэпсээтэ.
Айсен Сергеевич сааскы халаан уутугар, баһаары утары бэлэмнэнии барарын бэлиэтээтэ. 120 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа халаантан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Манна бэлэмнэниигэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 200 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүт. Кини соторутааҕыта Орто Халымаҕа бара сылдьан бу боппуруоһу эмиэ болҕомтоҕо ылбыт, Дмитрий Садовников Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарын бэрэбиэркэлээбит. Нерюнгригэ, Алдаҥҥа олус халыҥ хаар түспүт. Онон тустаах сулууспалар бэлэмнэнэллэр эбит.
Ойуур баһаарын утары үлэҕэ кутталлаах сезон саҕаланыыта умайыы тахсыбатын ситиһэргэ эттэ.
Буолан ааспыт муниципальнай дьокутааттар уонна баһылыктар сийиэстэригэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмөлөрүн иһин махтаммыт.
Байыаннай госпиталлары кытта сөбүлэһиилэри түһэрсибиттэр. Владивостокка баар госпитальга эмтэнэр байыастары көрсүбүт.
«Муус устар» диэн ыччат бэстибээлэ үһүс төгүлүн өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллан, үтүө хамсааһыны таһаарбытын Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: