Айсен Николаев: “Хотугу муора илин өттүнэн уу суолун аһыллыытын сөргүтүү Тикси-Найба бөлөхтөрү сэргэхситиэҕэ”
Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) ааспыт сыллааҕы судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарын үлэтин түмүгүн туһунан дакылаатыгар “Тикси – Найба” маастар-былаан сүрүн бырайыактарын туһунан кэпсээтэ.
“Сайдыы сүрүн бырайыагынан Найба сэлиэнньэтигэр муора терминала, Тикси аэропордун саҥардыы, билим чинчийиилэрин кэҥэтии, кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны туруоруу буолуохтара. Суудуналар сырыыларыгар куттал суох буолуутун хааччыйар аналлаах ЫБММ уонна мэдиссиинэ-биология федеральнай ааҕыныстыбатын салаалара тэриллиэхтэрэ. Тикси нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллиитин учуоттаан социальнай эбийиэктэр уонна инженернэй инфраструктура былааннаналлар” – диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Хотугу муора илин өттүнэн уу суолун аһыллыытын сөргүтүү, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан маастар-былаан оҥоһуллар Тикси-Найба бөлөхтөрү (агломерация) – өрөспүүбүлүкэ Арктикаҕа зонатын тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын сэргэхситиэҕэ диэн бэлиэтээтэ.
Ил Дархан нэһлиэнньэлээх пууннар маастар-былааннарын оҥоруу уопута Артика бөһүөлэктэрин сайыннарыыны былааннааһыҥҥа эмиэ туһаныллыаҕа диэн эттэ. Эрэгийиэҥҥэ 2020 сылтан өрөспүүбүлүкэ Арктикатааҕы зонатын сайыннарыы стратегията олоххо киирэр.
Санатан эттэххэ, ыам ыйын 31 күнүгэр Арктиканы сайыннарыы боппуруоһунан Судаарыстыбаннай хамыыһыйа президиумун мунньаҕа буолбута. Мунньах түмүгүнэн РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин федеральнай уокрукка РФ бэрэсэдьиниэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Тиксигэ саахалы туоратар киин быһаарар соруктарын ааттаталаабыта.
“Тиксигэ тырааныспар куттала суох сырыытын хааччыйар ЫБММ үлэһиттэрэ олорор саахалы туоратар киин тутуллуоҕа” – диэн Юрий Трутнев иһитиннэрбитэ.
Тиксигэ тустаах киини тэрийии бырайыага Хотугу муора суолунунан суудуналары арыаллааһыны уонна дойду оборуонатын бөҕөргөтүүнү хааччыйыыны кытта ситимнээх.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: