Айсен Николаев «Хотугу муора суола уонна Арктика» боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕар кытынна
Ил Дархан Айсен Николаев «Хотугу муора суола уонна Арктика» боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕар кытыыны ылла диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Мунньахха Хотугу муора суолун сайыннарыыга уонна Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарын өйүүр маастар-былааннары олоххо киллэриигэ этиилэри көрдүлэр. Чуолаан, хамыыһыйа Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарын өйүүр саҥа национальнай бырайыактары инники күөҥҥэ тутарга этии киллэрдэ.
Ону таһынан, таһаҕаһы харайыы баазатын боппуруостара ырытыллыахтара уонна Хотугу муора суолунан таһаҕаһы таһыы сценарийа оҥоһуллуо.
Арктика зонатын 16 тирэх нэһилиэнньэлээх пуунун сайыннарыы федеральнай бырагырааматыгар «Тикси – Найба» агломерацията киирэн турар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, олохтоохтор олорор усулуобуйаларын тупсарарга уонна социальнай өҥөлөрү оҥорууну үрдэтэргэ, «Тикси – Найба» агломерациятын 2035 сылга диэри кэмнээх болдьоххо маастар-былаан уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы комплекснай былаана оҥоһулла сылдьаллар.
2040 сылга диэри нэһилиэнньэ ахсаана 1000 киһинэн элбиирэ сабаҕаланар, 700 саҥа үлэ миэстэтэ тахсара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: