Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА.
Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев «Курс на рождаемость: какой должна стать демографическая политика» сиэссийэҕэ кыттыыны ылла.
Манна кини өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ, үтүө түмүгү көрдөрбүт сорох уопуппут атын эрэгийиэннэргэ биитэр федеральнай таһымҥа да тарҕаныан сөп. Ол курдук 2024 сыл түмүгүнэн Саха сирэ нэһилиэнньэтин ахсаана элбииринэн 12-с миэстэҕэ, оҕо төрөөһүнүгэр 10-с миэстэҕэ сылдьар.
Элбэх оҕолоох ийэлэргэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадалардаах «Ийэҕэ үрдүк махтал», «Ийэ албан аата». “Герой-ийэ” званиены ылбыт дьахтарга 1 мөл.солк. бэриллэр. Бу наҕараадалар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үлэ бэтэрээнэ” званиены ылар кыаҕы биэрэллэр. Оттон аҕаҕа “Ытык аҕа” бэлиэ туттарыллар.
Арассыыйа эспиэрдэрин интэриэһин ордук чөл олохтоох нэһилиэктэр тардаллар, манна нэһилиэнньэ 12%-на олорор. 2015 сылтан бу нэһилиэктэргэ буруйу оҥоруу 40% аччаабыт, оҕо төрөөһүнэ намтаабатах, урбаанньыт элбээн, дьон дохуота улаатан, дьадайыы аҕыйаабыт.
2000-2024 сыл иһигэр 291 аныгы саҥа дьиэлээх оскуола, 314 уһуйаан тутуллубут, ол эбэтэр ортотунан сылга 11-дии оскуола уонна уон үстүү уһуйаан.
Кэлиҥҥи 6 сылга ийэ буолууну, оҕо төрөөһүнүн үбүнэн өйөөһүн 6,7 төгүл улааппыт (2019 сылга – 4,3 млрд солк.), оттон 2025 сылга 29 млрд солк. элбэх. Ил Дархан эппитинэн, бу хайысхаҕа 20 саҥа миэрэ киирэн биэрдэ. Холобур, 2020 сылтан “Үйэ оҕолоро” хапытаал киирбитэ, үһүс оҕоҕо өрөспүүбүлүкэ биэрэр “Дьиэ кэргэн” хапытаала үлэлиир. Бу урут биирдэ бэриллэр этэ, билигин 4-с, 5-с оҕо төрөөтөҕүн аайы бэриллэр. Маны таһынан элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оскуолаҕа босхо аһыыллар, оптуобуска босхо айанныыллар, хомунаалынай өҥөҕө чэпчэтиилээхтэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Оҕолору кытта сибээстээх быһылааннар тахса тураллара хомолтолоох. Ол курдук, Дьокуускайга “Ивушка” уһуйаан икки саастаах иитиллээччитэ…
Жатай бөһүөлэгэр тоҕус мэндиэмэннээх дьиэ тутуллан бүттэ. Бу Жатайдааҕы суудунаны тутааччылары олордорго анаммыт. Корзинников уулуссатыгар…
Сэргэй Сибиэрэп - Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар тимири уһаарыы төрүт ньыматын туһанан "ТИМИР УУС"…
Билиҥҥи бириэмэҕэ кыраныысса таһыгар сытар эрэгийиэннэргэ эрэ буолбакка, дойду хайа баҕарар эрэгийиэнигэр баар электроэнэргиэтикэ эбийиэктэрин…
2 №-дээх полиция отделыгар дьону уонна таһаҕас таһыытынан дьарыктанар урбаанньыт сайабылыанньа суруйан киллэрбит. Кини оптуобуһуттан…
Үөһээ Бүлүүгэ оройуоннааҕы киин балыыһа 2025 сыл саҕаланыаҕыттан видеоэндоскоп, кольпоскоп, портативнай УЗИ-аппарааттанна. Бу үлэ РФ…