Айсен Николаев: “Кэм дьоруойдара” бырайыакка Саха сирэ хайаан да кыттыаҕа”
«Якутия, вперёд!» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Кэм дьоруойдара” диэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт каадыр бырагыраамата олоххо киирбитин эппитин бэлиэтээтэ.
«Байыаннай сулууспаттан төннөн кэлбит, бу бырагыраамаҕа кыттыан сөптөөх ыччат үгүс. Билигин да байыаннай зонаҕа сылдьар уолаттар эмиэ үөрэниэхтэрин баҕараллар. Дойдуларын чиэһин көмүскүү сылдьар дьоммутунан киэн туттабыт. Бэрэсидьиэн Владимир Путин дойду кэскиллээх сайдыытыгар туһуламмыт былааны олоххо киллэриигэ үөрэхтээх дьон наадаларын бэлиэтээбитэ, — диэн Айсен Николаев саха тэлэбиидэнньэтин биэриитигэр эттэ.
“Кэм дьоруойдара” диэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт каадыр анал бырагыраамата 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирдэ. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, кыттыылаахтара биир бастакынан киирэн, үрдүк үөрэххэ үөрэниэхтээхтэр диэн бэлиэтээбитэ. Үөрэх бу күннэргэ саҕаланыаҕа. Уһуйааччыларынан Бырабыыталыстыба, муниципальнай дьаһалта, федеральнай министиэристибэлэр уонна биэдимистибэлэр салайааччылара буолуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: