Салгыы
Айсен Николаев: “Көҥүлэ суох миитини тэрийии уонна кыттыы иһин эппиэккэ тардыллыахтара”

Айсен Николаев: “Көҥүлэ суох миитини тэрийии уонна кыттыы иһин эппиэккэ тардыллыахтара”

26.09.2022, 20:51
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр көҥүлэ суох миитиннэри ыытыы, уопсастыбаны араастаан долгутуу иһин билигин сокуонунан киһи эппиэккэ тардыллыахха сөбүн бэлиэтээтэ.

Билигин сорохтор Донбасс ыраах баар, биһиэхэ бу быһыы-майгы сыһыана суох, чиэски сиргэ ыраах олоруом да бүтэр дииллэр. Суох, доҕоттоор, оннук буолуо суоҕа. Үчүгэй да, куһаҕан да буолара биһиэхэ барыбытыгар, дойду үрдүнэн, биллиэҕэ. Арҕааҥҥы дойдулар, туох да кистэлэ суох, биһиги диэки саантыы олороллор. НАТО сүрүн күүһүн барытын биһиги дойдубут утары ыыта олорор. Оннооҕор арҕааҥҥы дойдулар, ол иһигэр АХШ эмиэ, байыаннай күүспүтүн барытын ыытан олоробут, бэйэбитигэр туох эмэ буоллаҕына тугунан көмүскэнэбит дии олороллор. Туох буолара барыбытыгар сыһыаннаах. Ол эрээри баар балаһыанньанан туһанан араас күүстэр уопсастыбаны араастаан хайыта, халбаҥната сатыыллар. Ол иһигэр национальнай өрөспүүбүлүкэлэринэн киирэллэр. Саха сирин эрэ буолбакка Дагестаны, Бурятияны, о.д.а. хамсата сатыыллар. Хомойуох иһин, ону сорохтор бэйэлэрин туһаларыгар иэҕэн аҕалан “дьоруой” буола сатыыллар. Манна туһааннаах сокуон баар, кинилэр сокуон хараҕынан толору эппиэттиэхтээхтэр,

– диэн иһитиннэрэр Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: