Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр көҥүлэ суох миитиннэри ыытыы, уопсастыбаны араастаан долгутуу иһин билигин сокуонунан киһи эппиэккэ тардыллыахха сөбүн бэлиэтээтэ.
– Билигин сорохтор Донбасс ыраах баар, биһиэхэ бу быһыы-майгы сыһыана суох, чиэски сиргэ ыраах олоруом да бүтэр дииллэр. Суох, доҕоттоор, оннук буолуо суоҕа. Үчүгэй да, куһаҕан да буолара биһиэхэ барыбытыгар, дойду үрдүнэн, биллиэҕэ. Арҕааҥҥы дойдулар, туох да кистэлэ суох, биһиги диэки саантыы олороллор. НАТО сүрүн күүһүн барытын биһиги дойдубут утары ыыта олорор. Оннооҕор арҕааҥҥы дойдулар, ол иһигэр АХШ эмиэ, байыаннай күүспүтүн барытын ыытан олоробут, бэйэбитигэр туох эмэ буоллаҕына тугунан көмүскэнэбит дии олороллор. Туох буолара барыбытыгар сыһыаннаах. Ол эрээри баар балаһыанньанан туһанан араас күүстэр уопсастыбаны араастаан хайыта, халбаҥната сатыыллар. Ол иһигэр национальнай өрөспүүбүлүкэлэринэн киирэллэр. Саха сирин эрэ буолбакка Дагестаны, Бурятияны, о.д.а. хамсата сатыыллар. Хомойуох иһин, ону сорохтор бэйэлэрин туһаларыгар иэҕэн аҕалан “дьоруой” буола сатыыллар. Манна туһааннаах сокуон баар, кинилэр сокуон хараҕынан толору эппиэттиэхтээхтэр,
– диэн иһитиннэрэр Айсен Николаев.
Владимир Путины 2026 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр «Кэлэр кэм туочуката» үөрэх кластерын…
“Саха “НКИК суруналыыһа Олег Колесов Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар дойду норуоттарын өйүүр миэрэлэр тустарынан ыйытыытыгар хоруйдууругар…
Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Татыйаас Филиппова «Дойду» диэн ааттаах фотопоэзиятын персональнай быыстапка, «Үргэл» арт-галереяҕа аһылынна.…
Түмэл иитэр-үөрэтэр үлэҕэ музейнай педагогика диэн улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу, оҕо экспонат көмөтүнэн устуоруйаны…
Саха сиригэр уот тарыыба социальнай тэрилтэлэргэ эмискэ улааппытын, онон саахал тахсар куттала баарын туһунан Саха…
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…