Андрей Сорокин хаартыската.
Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев үгэс быһыытынан Өлүөнэ эбэҕэ Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кытынна.
Үгэс быһыытынан кириһиэнньэ сөтүөлүүр сирин Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман сибэтии гынна.
«Миэхэ бу православнай үтүө үгэһинэн буолар. Өссө 2006 сыллаахха Дьокуускайга Владыка Зосималыын Кириһиэнньэҕэ сөтүөлүүр үгэһи сөргүппүппүт. Оччолорго сүүрбэ киһи сөтүөлээбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 27 иордань оҥоһуллан, улахан үгэскэ кубулуйда», — диэн эрэгийиэн баһылыга этэр.
Бүгүн Саха сирин 17 муниципальнай тэриллиитигэр 27 сөтүөлүүр сир тэрилиннэ. Манна 17 купель оҥоһулунна уонна уу баһарга диэн 10 ойбону тэстилэр. Миэстэтигэр водолазтар, быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ, миэдиктэр, ГИМС, баһаары утары сулууспа, ЫБММ уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ бааллар.
СӨ Борокуратууратын сорудаҕынан Дьокуускай куорат борокуратуурата «Icon Bar» култуурунай- сынньанар кииҥҥэ уонна «Рыдзинский» ХЭУо рюмочнайыгар…
Саха сиригэр биир суукка иһигэр 70,6 га уопсай иэннээх түөрт уот баһаарын умуруордулар. СӨ Суһал…
Аҕа дойду Улуу сэриитэ Кыайыы өрөгөйүнэн түмүктэммитэ 80 сыла буолла. Бу кыайыы, устуоруйа кэрэһилииринэн, аан…
Барча диэн тугун, хайдах, туохтан оҥоһулларын билэҕит дуо? Өбүгэлэрбит астарыттан биирдэстэрэ буолар. Оннооҕор күөрчэххэ кытта…
Ыам ыйын 10 күнүгэр Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара муус устар 30 күнүгэр 1965 сыллаах…
Суукка иһигэр Өлүөнэ эбэҕэ муус 20 км хамсаата. Ленскэй улууһугар муус хойуутук барар. Сууккаҕа 20…