Айсен Николаев «Комсомольская правда» хаһыат бэлитиичэскэй ырытааччытыгар интервью биэрдэ
«Комсомольская правда» хаһыат бэлитиичэскэй ырытааччыта Александр Гамов Ил Дархан Айсен Николаевы кытары кэпсэтиититтэн быһа тардан:
—Үтүө күнүнэн, Айсен Сергеевич! Мин Бэрэсидьиэни Чукоткаҕа уонна Хабаровскайга арыаллыыр суруналыыстар ортолоругар баар этим уонна хайыы үйэ Дьокуускайга кэлэргэ бэлэмнэммитим. Ол гынан баран, көрөргүт курдук, Владимир Владимирович күн-дьыл туругуттан сылтаан, эһиэхэ кэлиитин сааскы эбэтэр сайыҥҥы кэмҥэ көһөрдө. Эһиги, арааһа, күүппүккүт буолуо.
-Биһиги мэлдьи күүтэбит. Бэрэсидьиэни уонна эйигин күүтэбит.
-Улахан махтал. Мин эн сыл аайы Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кыттаргын билэбин. Хас сыл буолла?
— Биһиги бу үгэһи 2006 сылтан, оччотооҕу владыка Зосимы кытары сөргүппүппүт. Онтон ыла мин Кириһиэнньэҕэ умсан ылыыны көтүппэтэҕим кэриэтэ. Бу – миэхэ үтүө үгэс.
—Мин бүгүн Геннадий Григорьевич Онищенкоҕа ити туһунан кэпсээтим. Кини эмиэ сыл маннык үгэстээх эбит. Онон, кини чопчулуурбар көрдөстө, ити Өлүөнэ өрүс дуо?
-Оннук, Өлүөнэ өрүс.
—Сөп. Кини сөпкө таайбыт эбит. Онтон таһырдьа -41 кыраадыс тымныы дуо, мин сөпкө өйдөөтүм дуо?
– 41-42 кыраадыс тымныы. Бэҕэһээ Дьокуускайтан көтөн, бүгүн Москваҕа кэллим. -44 кыраадыс этэ.
— Оо! Оттон уу температурата?
– Уу температурата мэлдьи биир. Мин бэҕэһээ Саха сиринээҕи архиепископ, владыка Романы кытары кэпсэппитим. Былырыын -52 кыраадыс тымныытын, быйыл -42 кыраадыс буолбутун туһунан кэпсэппиппит. Былырыын мин ууга киирэрбэр мууһу алдьатарга күһэллибитим.
– Баһаалыста, сиһилии кэпсээ эрэ.
— Мин куруук сарсыарда таҥара дьиэтигэр барабын, таҥара сулууспатыгар кыттабын. Толору бэлэм, өй-санаа өттүнэн эмиэ ырааһыран ити сибэтиэй ууга умсабын. Онон инним диэки баран иһэргэ күүс ылынабын.
… Бу сибэтиэй уу биһигини ыраастыыр. Таҥара биһиэхэ оннук кыаҕы биэрбит: биһиги олохпут, бэйэбит оҥорор дьыалаларбыт, судургута суох кэм тустарынан толкуйдуурбут туһугар.
Таҥара биһиэхэ ыраастанарбытыгар уонна чугас, аймах-билэ дьоммут, дойдубут туһугар иннибит диэки баран иһэрбитигэр кыаҕы биэрэр. Биллэн турар, мин Таҥара мэлдьи биһигини, биһиги Арассыыйабытын кытары бииргэ буоларыгар эрэллээхпин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: