Айсен Николаев «Комсомольская правда» хаһыат бэлитиичэскэй ырытааччытыгар интервью биэрдэ

Share

«Комсомольская правда» хаһыат бэлитиичэскэй ырытааччыта Александр Гамов Ил Дархан Айсен Николаевы кытары кэпсэтиититтэн быһа тардан:

Үтүө күнүнэн, Айсен Сергеевич! Мин Бэрэсидьиэни Чукоткаҕа уонна Хабаровскайга арыаллыыр суруналыыстар ортолоругар баар этим уонна хайыы үйэ Дьокуускайга кэлэргэ бэлэмнэммитим. Ол гынан баран, көрөргүт курдук, Владимир Владимирович күн-дьыл туругуттан сылтаан, эһиэхэ кэлиитин сааскы эбэтэр сайыҥҥы кэмҥэ көһөрдө. Эһиги, арааһа, күүппүккүт буолуо.

-Биһиги мэлдьи күүтэбит. Бэрэсидьиэни уонна эйигин күүтэбит.

-Улахан махтал. Мин эн сыл аайы Кириһиэнньэ   сөтүөтүгэр кыттаргын билэбин. Хас сыл буолла?

— Биһиги бу үгэһи 2006 сылтан, оччотооҕу владыка Зосимы кытары сөргүппүппүт. Онтон ыла мин Кириһиэнньэҕэ умсан ылыыны көтүппэтэҕим кэриэтэ. Бу – миэхэ үтүө үгэс.

Мин бүгүн Геннадий Григорьевич Онищенкоҕа ити туһунан кэпсээтим. Кини эмиэ сыл  маннык үгэстээх эбит. Онон, кини чопчулуурбар көрдөстө, ити Өлүөнэ өрүс дуо?

-Оннук, Өлүөнэ өрүс.

Сөп. Кини сөпкө таайбыт эбит. Онтон таһырдьа -41 кыраадыс тымныы дуо, мин сөпкө өйдөөтүм дуо?

– 41-42 кыраадыс тымныы. Бэҕэһээ Дьокуускайтан көтөн, бүгүн Москваҕа кэллим. -44 кыраадыс этэ.

— Оо! Оттон уу температурата?

– Уу температурата мэлдьи биир. Мин бэҕэһээ   Саха сиринээҕи архиепископ, владыка Романы кытары кэпсэппитим. Былырыын -52 кыраадыс тымныытын, быйыл -42 кыраадыс буолбутун туһунан  кэпсэппиппит. Былырыын мин ууга киирэрбэр мууһу алдьатарга күһэллибитим.

– Баһаалыста, сиһилии кэпсээ эрэ.

— Мин куруук сарсыарда таҥара дьиэтигэр барабын, таҥара сулууспатыгар кыттабын. Толору бэлэм, өй-санаа өттүнэн эмиэ ырааһыран ити сибэтиэй ууга умсабын. Онон инним диэки баран иһэргэ күүс ылынабын.
… Бу сибэтиэй уу биһигини ыраастыыр. Таҥара биһиэхэ оннук кыаҕы биэрбит: биһиги олохпут, бэйэбит оҥорор дьыалаларбыт, судургута суох кэм тустарынан толкуйдуурбут туһугар.
Таҥара биһиэхэ ыраастанарбытыгар уонна чугас, аймах-билэ дьоммут, дойдубут туһугар иннибит диэки баран иһэрбитигэр кыаҕы биэрэр. Биллэн турар, мин Таҥара мэлдьи биһигини, биһиги Арассыыйабытын кытары бииргэ буоларыгар эрэллээхпин.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago