Салгыы
Айсен Николаев: «Сүрүннүүр киин үлэтэ чуолкай буолуохтаах»

Айсен Николаев: «Сүрүннүүр киин үлэтэ чуолкай буолуохтаах»

29.09.2022, 11:20
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев экэниэмикэ сүрүн хайысхаларын сыыппараҕа көһөрүү мунньаҕар мобилизацияҕа туһуламмыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрүннүүр киин аһыллыбытын, бу киин быыһык кэмҥэ түргэнник-тарҕаннык үлэлиэхтээҕин иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсастыбаннай палаата мобилизацияҕа барар дьоҥҥо көмө быһыытынан сүрүннүүр (координационнай) киини арыйан үлэлэтэн эрэр. Хас күн аайы манна үгүс ыйытыы киирэр. Ыйытыылар араастар. Дьиэ кэргэҥҥэ төлөнөр харчыттан саҕалаан социальнай көмөҕө тиийэ. Маннык быыһык кэмҥэ киин үлэтэ чуолкай уонна түргэн буоларыттан улахан тутулуктаах, – диэн этэр.

Ону таһынан мунньахха судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөрү оҥоруу рейтинын, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, тутууга цифровой бырайыактары киллэриини көрдүлэр. Санатан эттэххэ, бу эйгэни билигин сыыппараҕа көһөрүү бара турар. Быйыл атырдьах ыйыгар экэниэмикэ сүрүн хайысхаларын сыыппараҕа көһөрүү стратегията оҥоһуллубута. Стратегияны олоххо киллэриигэ бырайыактыыр офис диэн тэриллибитэ. Бу оробуочай бөлөҕү Ил Дархан Айсен Николаев салайар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: