Айсен Николаев «Кыайыы» тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыытта

Share

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы»  тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыытта.

Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын 80 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар — саха норуотуттан биир бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар ыытылынна.

Бу  Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыллара биллэриллибитин кэннэ тэрийэр кэмитиэт бастакы мунньаҕа буолла.

«Сыл тиэмэтэ — бу Дьоруойдарга, Аҕа дойду Улуу сэриитин саллааттарыгар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сүгүрүйүү буолар. Биһиги дойдубутугар патриотизм уонна Ийэ дойдубутугар бэриниилээх, утумнаах буолуу сыаннастарын бэлиэтиибит. Кыайыы 80 сыла көннөрү бэлиэ күн буолбатах, бу биһиги элбэх национальностаах омукпутун, чугас тас дойдулар норуоттарын, дьонун-сэргэтин түмэр сүҥкэн суолталаах түгэн буолар», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут саха буойуттарын көрдөөһүҥҥэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата. Холобур быһыытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕалла. Манна олохтоох краеведтар Саха сирин Национальнай, муниципальнай архыыптарын уонна национальнай бибилэтиэкэни кытта үлэлээн, урут бэлиэтэммэтэх буойуттар  туһунан иһитиннэриилэри булбуттар. Ол түмүгэр улууска сэрии кыттыылаахтарын ахсаана 307 саллаакка тиийэ улааппыт — 4250 киһи буолбут.

Айсен Николаев мунньах чэрчитинэн үүнэр көлүөнэни патриотическай иитиигэ былаас уонна уопсастыбаннай холбоһуктар үлэлэрин түмэр сыалтан «Кыайыы Знамята»  өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни биллэрдэ. Сиһилии манна аах.
What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

13 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

14 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

15 часов ago