Айсен Николаев Кытай генеральнай консулун кытары көрүстэ
Бэс ыйын 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин генеральнай консула тойон Цзян Сяоян эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһии боппуруостарын ырыттылар.
Айсен Николаев Кытай Генконсулугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин доҕордоһууларын сайыннарыы боппуруостарыгар аналлаах бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы пуоруму тэрийиигэ көмө үлэтин иһин махталын биллэрдэ.
Пуорумҥа Кытай хотугулуу-илиҥҥи куораттарын уонна уезтарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсайа 100 киһилээх делегация кыттыыны ылыахтаах.
Ил Дархан кэпсэтиигэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит өр сыллар усталарыгар Хейлунцзян провинцияны кытта ыкса алтыһарын эттэ. Быйыл Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Хейлунцзян дьаһалтатын икки ардыгар экэниэмикэ, атыы, култуура уонна наука өттүгэр үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрин 19 сыла туолар.
Саха сирэ мэлдьи Харбинҥа ыытыллар экэниэмикэ дьаарбаҥкатыгар кыттар, бу күннэргэ урбаан 30 бэрэстэбиитэлэ Харбиннааҕы 32-с дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ылбыттара.
“Бүгүҥҥү күн ситиһиилэрэ дьыалабыай алтыһыы сыллата күүһүрэн иһэригэр эрэли биэрэллэр. Араас табаар ылсыытыгар-бэрсиитигэр икки өттүттэн барыстаах хантараактар баттаннылар. Онон Хейлунцзян уонна Саха сирин икки ардыгар алтыһыыны араас эйгэҕэ сайыннара, күүһүрдэ турарбыт оруннаах дии саныыбын”, — диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Николаев.
Ону тэҥэ көрсүһүүгэ Амур уобалаһа кыттыылаах Саха сирин көҕүлээһинин «Джалинда — Мохэ» норуоттар икки ардыларынааҕы кыраныысса туорааһынын саҥардыы туһунан кэпсэттилэр. Бырайыагы олоххо киллэрии дойдулар икки ардыларыгар эргиэни уонна үтүө сыһыаны сайыннарыыга сүҥкэн кылааты киллэриэҕэ.
Маны таһынан Ил Дархан уонна генеральнай консул үөрэҕирии уонна успуорт эйгэтигэр алтыһыыны ырыттылар. Көрсүһүү түмүгэр Айсен Николаев Цзян Сяоян тойону Туймаада ыһыаҕар ыалдьыттыырыгар ыҥырда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: