Айсен Николаев Кытайга үлэлиир
17.10.2023, 15:16
Арассыыйа Харбиҥҥа Генконсульствотын телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Кытай Харбин куоратыгар Айсен Николаев Хэйлунцзян провинциятын КПК кэмитиэтин сэкирэтээрин Сюй Цини кытта көрүстэ.
Кинилэр икки өрүттээх бииргэ үлэлээһиннэрин хайысхаларын, ол иһигэр атыы-эргиэн сыһыаннаһыытын, гуманитарнай сибээстэри кэпсэттилэр диэн Арассыыйа Кытайга баар Генконсульствота иһитиннэрэр.
Хэйлунцзян провинцията Кытайга Саха сирин сүрүн партнерунан буолар. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна Хэйлунцзян провинцията бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттара 19 сыла буолла.
Санатан суруйдахха, Кытайга алтынньы 17-18 күннэригэр «Один пояс — один путь» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы үһүс пуорум буола турар. Бүгүн Пекиҥҥэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин икки күҥҥэ оробуочай сырыыга кэллэ.
+1
+1
1
+1
4
+1
2
+1
3
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: