Айсен Николаев «ЛОРП» үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин түмүктэрин көрдө
Бүгүн Айсен Николаев Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын бу сыллааҕы түмүктэрин көрдө.
Навигацияҕа пароходство нэһилиэнньэлээх пууннарга дьон олоҕор наадалаах таһаҕаһы тиэйэр. Ол иһин Ил Дархан истиҥник махтанна.
«Бу сыл уустугун да иһин, тэрилтэ тиэйии былаанын толордо. Сергей Александровичка уонна кэлэктиипкэ махтанабын«,— диэтэ кини. Барыллаан чахчынан, быйыл 1,221 мөл туонна кэмиэрчэскэй таһаҕас тиэллибит, ол иһигэр 353 тыһ.туонна ньиэп уонна 868 тыһ.туонна сухогруз. Хампаанньа 8,3 млрд солк. киллэрдэ, ол 11 % былыыҥҥытааҕар элбэх.
Таһаҕаһы тиэйиигэ 219 тырааныспар флота туһанылынна.
Айсен Николаев пароходство үпкэ туруктааҕын, ол эрээри флот эргэрбитин бэлиэтээтэ. Кини бу тэрилтэ иннигэр хомунаалынай комплекс уонна уотунан хааччыйар тэрилтэлэр иэстэрин төлүүр соругу туруорда. Кини маны тэҥэ ЛОРП нолуогу бөдөҥ төлөөччү буоларын бэлиэтээтэ. Быйыл 2,3 млрд солкуобай нолуогу төлүөхтэрэ. Хамнаска, бүддьүөтү таһынан пуондаҕа иэстэрэ суох.
2025 сылга тиэйии кээмэйэ 10,7 %, таһаҕас эргиирэ 8,5 % үрдүөҕэ.
Айсен Николаев «флоту саҥардыы» бырагырааманан флоту саҥардыыга субсидия көрөргө эттэ.
Ону тэҥэ 2025 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр «О государственном бюджете Республики Саха (Якутия) на 2025 год и на плановый период 2026-2027 годы» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонугар чопчулааһыннары киллэриигэ уу тырааныспарыгар сүрүннэнэр тарыыптарынан социальнай суолталаах линияларга пассажирдары тиэйиини толорууга үбү көрөргө.
Айсен Николаев кэлэр сылга айылҕа иэдээнин түмүгэр тимирбит суудуналары хостооһун тэрээһинин салгыырга эттэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: