Айсен Николаев Марина Бахилиналыын көрүстэ

Share

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Айсен Николаев Марина Бахилинаны кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэнин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта тустаах тэрилтэ салгыы сайдыытын дьүүллэстилэр.

Кэмитиэт Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕа көмөтүттэн саҕалаан юридическайга тиийэ көмөлөһөр. Бу түмсүү ыстааптара үгүс оройуоннарга бааллар.

Айсен Николаев Марина Бахилинаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэни ыытарын иһин махтанна.

“Кэмитиэт үлэтэ биһиги көмүскээччилэрбит тула уопсастыба түмсүүтүгэр улахан оруоллаах. Көрсүһүүгэ Марина Константиновна биһиги байыаннай сулууспалаахтарбыт уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ сыһыаннаах дьоһун боппуруостары көтөхтө, ону биһиги бииргэ быһаарыахпыт”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Маны сэргэ Айсен Николаев уонна Марина Бахилина байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Саха сирин тирэх пууннарын тэрийэр туһунан кэпсэттилэр.

Санаттахха, КСВО 2022 сыллаахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бу тэрилтэ эрэгийиэннээҕи салаата Саха сиригэр 2023 сыл тохсунньу ыйга үлэтин өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Айсен Николаев өйөбүлүнэн саҕалаабыта. Салайааччынан элбэх оҕолоох ийэ Марина Бахилина буолар. Кини икки уола бу эпэрээссийэҕэ кыттар.

2022 сыл муус устар ыйга Марина Бахилина орто уола Хорсун быһыы уордьанын ылбыта. 2022 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Марина Бахилина Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин кытта көрсүһүүтүгэр кыттыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago