Салгыы
Айсен Николаев: «Михаил Николаев Саха сиригэр инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута»  

Айсен Николаев: «Михаил Николаев Саха сиригэр инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута»  

13.11.2024, 15:19
Андрей Сорокин хаартыската (СИА)
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев киллэрбит кылаатын туһунан “Прямой разговор” биэриигэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр,  Инновация күнүгэр кэпсээтэ.

“Сэтинньи 13 күнүгэр Михаил Ефимович Николаев үтүө аатыгар-суолугар сүгүрүйэн, Саха сирин Инновациятын күнүнэн биллэрилиннэ. Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит аныгы Арассыыйа чаҕылхай дьонуттан биирдэстэринэн буолар, кини инники кэскили толкуйдаан, инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута уонна өрөспүүбүлүкэ олоҕун көхтөөхтүк уларыппыта”, — диэтэ Айсен Николаев.

Кини Михаил Николаев аатын үйэтитэр  ыйаах чэрчитинэн Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр Научнай-технологическай кластер тэриллэрин бэлиэтээтэ. Бу кластер  аныгы технологиялары тэрийэр, дьоҕурдаах ыччаты өйүүр миэстэнэн буолуоҕа.

Айсен Николаев бүгүн бастакы Бэрэсидьиэн биһигин ыйаабыт сиригэр мемориальнай комплекс дизайнын бигэргэтэллэр. Кини этэринэн, сотору кэминэн тутуута саҕаланыаҕа.

«Кылаабынайа, өрөспүүбүлүкэ сайдыахтаах, иннин диэки барыахтаах, биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит саҥа Саха сирин олоҕун түстээбит идиэйэлэрин бэйэбит олоххо киллэриэхтээхпит,»—диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Саха сиригэр “Цифровой алмаас” федеральнай пуорум бара турар. Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр “Билиигинэн кыайыаҥ” судаарыстыбаннай истипиэндьийэни туттарыахтара. Бу иннинэ кини олоҕун туһунан документальнай киинэни көрдөрбүттэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: