Айсен Николаев: «Михаил Николаев Саха сиригэр инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута»

Share

Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев киллэрбит кылаатын туһунан “Прямой разговор” биэриигэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр,  Инновация күнүгэр кэпсээтэ.

“Сэтинньи 13 күнүгэр Михаил Ефимович Николаев үтүө аатыгар-суолугар сүгүрүйэн, Саха сирин Инновациятын күнүнэн биллэрилиннэ. Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит аныгы Арассыыйа чаҕылхай дьонуттан биирдэстэринэн буолар, кини инники кэскили толкуйдаан, инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута уонна өрөспүүбүлүкэ олоҕун көхтөөхтүк уларыппыта”, — диэтэ Айсен Николаев.

Кини Михаил Николаев аатын үйэтитэр  ыйаах чэрчитинэн Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр Научнай-технологическай кластер тэриллэрин бэлиэтээтэ. Бу кластер  аныгы технологиялары тэрийэр, дьоҕурдаах ыччаты өйүүр миэстэнэн буолуоҕа.

Айсен Николаев бүгүн бастакы Бэрэсидьиэн биһигин ыйаабыт сиригэр мемориальнай комплекс дизайнын бигэргэтэллэр. Кини этэринэн, сотору кэминэн тутуута саҕаланыаҕа.

«Кылаабынайа, өрөспүүбүлүкэ сайдыахтаах, иннин диэки барыахтаах, биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит саҥа Саха сирин олоҕун түстээбит идиэйэлэрин бэйэбит олоххо киллэриэхтээхпит,»—диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Саха сиригэр “Цифровой алмаас” федеральнай пуорум бара турар. Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр “Билиигинэн кыайыаҥ” судаарыстыбаннай истипиэндьийэни туттарыахтара. Бу иннинэ кини олоҕун туһунан документальнай киинэни көрдөрбүттэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Нам улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан үлэ дьаарбаҥкатын тэрийдилэр

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Нам улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр Чурапчытааҕы гимназия Инновация күнүн бэлиэтээтэ

Бэҕэһээ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Чурапчытааҕы гимназия Инновация күнүн үөрүүлээх…

44 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка 7 мэндиэмэннээх дьиэҕэ умайыы тахса сырытта

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр,  11:49 ч. Дьокуускай куорат баһаарынай-быыһыыр сулууспатыгар Ленин проспегар баар 7 этээстээх…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Сбер Школа 21” бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр

“Цифровой алмаас” III федеральнай пуорум кэмигэр И.И.Фадеев аатынан үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Школа 21. Якутия” бииргэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлииригэр Арассыыйа уонна Саха…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сүппүт киһини көрдөөһүн салҕанар

Өлөөн улууһугар Өлөөн өрүскэ сүппүт эр дьонтон биирдэстэрин көрдөөһүн салҕанар диэн СӨ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.…

1 час ago