Айсен Николаев Москваҕа Тырааныспар нэдиэлэтин түмүктэрин таһаарда
Айсен Николаев Москваҕа сылдьан Тырааныспар нэдиэлэтигэр үлэ түмүктэрин таһаарда. Бу Арассыыйаҕа суол-иис салаатыгар сүрүн дьыалабыай көрсүһүү буолар.
Бу нэдиэлэ чэрчитинэн кини «Росавтодор», «Росавиация», «Росморречфлот» салайааччыларын кытта көрсөн, Саха сирин тырааныспарга инфраструктуратын сайдыытын стратегическай хайысхаларын, тирээн турар соруктары кэпсэттэ.
Айсен Николаев «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайыак «Развитие региональных аэропортов» федеральнай бырайыага өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиирин кэпсээтэ. Ол чэрчитинэн, 11 аэропорка — Дьокуускайга, Черскэйгэ, Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белая Гораҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгригэ, Уус-Ньараҕа өрөмүөн түмүктэннэ.
Салгыы Өлүөхүмэҕэ, Полярнайга уонна Мииринэйгэ аэропортар 2025-2026 сылларга сөргүтүллүөхтэрэ. Онтон кэлэр сылларга Ньурбаҕа, Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Полярнайга аэропортар өрөмүөннэнэллэрэ былааннанар. Үбүлээһин уопсай суумата — 15 миллиард солкуобай.
«Росморречфлот» салайааччыта Андрей Тарасенконы кытта көрсүһүүгэ Айсен Николаев Аллараа Бэстээххэ өрүс пуордун баазатыгар мультимодальнай логистическай киини тутуу туһунан уонна хотугу таһаҕаһы тиэйиини үбүлээһини үрдэтэр, өрүс түгэҕин дириҥэтэр туһунан кэпсэттэ.
«Росавтодор» салайааччытын кытта көрсүһүүгэ «Бүлүү, «Халыма» федеральнай суолларга муосталары тутуу, өрөмүөннэээһин туһунан кэпсэттэ. Өлүөнэ муостатын тутуу боппуруоһун тумнубатылар.
— Суол-иис федеральнай ааҕыныстыбатын кытта саҥа бырайыактар олоххо киирэллэрин туһугар туох кыалларын барытын оҥоруохпут, Өлүөнэ муостатын тутуу курдук былааҥҥа киирбит бырайыактар бэрэсидьиэн олохтообут болдьоҕор олоххо киирэллэрин ситиһиэхпит, — диэн Ил Дархан эттэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: