Айсен Николаев «Мухтуйа» айан суолун суолтатын бэлиэтээтэ

Share

Кэлиҥҥи үс сыл сылга  Ленскэйи уонна Мииринэйи ситимниир 90 км усталаах  «Мухтуйа» эрэгийиэннээҕи айан суола олохтоохтук  өрөмүөннэнэрин туһунан  «Быһа эпииргэ» Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.  
Былырыын хаачыстыбата суох үлэлээбит бэдэрээччити кытта дуогабар тохтотуллубута.
Куонкурус ыытыллыбытын кэнниттэн суолу оҥоруу үлэтин  МУАД АК АЛРОСА салҕаабыта. Айан суолун көрөн-истэн эрэ буолбакка, өрөмүөннүү сылдьар эмиэ наада.  Өр сылларга өрөмүөнү билбэтэх  суол туһаттан тахсыбыт этэ. Быйыл өрөмүөн  үлэтэ  25 километр устаҕа ыытыллыаҕа. Кэлэр икки сылга 70 км үлэҕэ киириэҕэ. Уустук сорук.   Өрөмүөн үлэтэ хаачыстыбалаахтык оҥоһуллан, болдьоммут кэмигэр бүтүөн наада, — диэн хоруйдаата  Айсен Николаев «Быһа эпииргэ» киирбит ыйытыкка.  Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бу суол суолтатын бэлиэтээтэ.

«Бу айан суолунан Ленскэй уонна Мииринэй улуустарын олохтоохторо эрэ  айаннаабаттар. Бырамыысыланнас хампаанньатын үлэһиттэрэ эмиэ бу суолу туһаналлар.  Ньиэп уонна гаас турбалара ууруллар, сир баайын хостооччулар тиэхиньикэлэрэ айанныыр буолан, суол улахан ноҕоруускалаах. Өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэҕинэ, айан ноҕорууската намтыаҕа, — диэн  бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago