Салгыы
Айсен Николаев “Муравьев-Амурскай 2030” каадыры бэлэмниир бырагыраама кыттыылаахтарыгар сорудахтары биэрдэ

Айсен Николаев “Муравьев-Амурскай 2030” каадыры бэлэмниир бырагыраама кыттыылаахтарыгар сорудахтары биэрдэ

05.12.2024, 11:46
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ “Муравьев-Амурскай 2030” каадыры бэлэмниир бырагыраама кыттыылаахтара Айсен Николаевка бэйэлэрин бырайыактарын быстах түмүктэрин билиһиннэрдилэр.

Ил Дархан Уһук Илин атын эрэгийиэннэрин губернатордарын кытта кинилэргэ настаабынньык буолар диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хамаандалар көҕүлээһиннэрэ аан дойду бастыҥ үөрүйэхтэрин туһанан эрэгийиэни сайыннарыыга туһуланаллар.

Саха сиригэр биһиги үһүс сүүрээни көрсөбүт. Бу олус наадалаах хамсааһын. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн бу бырагыраама үөскээбитэ уонна салгыы сайдан иһэр”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан экэниэмикэ сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрэр выпускниктардааҕын быһыытынан, бырагыраама кыттыылаахтарын кытта хардарыта үлэлэһэр үтүө уопут баарын бэлиэтээтэ.

«Иккис сүүрээн хамаандата биһиэхэ туризмы сайыннарар концепцияны бэлэмнээбитэ. Кинилэр үлэлэрин түмүгүнэн куһаҕана суох көрүүлэр үөскээбиттэрэ. Бу бөлөх лиидэрдэриттэн биирдэстэрэ  Мария Карпова билигин биһиэхэ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистир солбуйааччытынан үлэлиир. Соторутааҕыта туризмы сайыннарыы стратегиятын бырайыагын кытта билсибитим, ол билигин бырабыыталыстыбаҕа сөбүлэһиигэ сытар. “Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама көмөтүнэн олус үчүгэй бырайыак буолан тахсыбыт дии саныыбын», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Көрсүһүү кэмигэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытын суолталаах хайысхатыгар — сырье буолбатах экспоры инники анньыыга ураты болҕомто уурулунна.

«Биһиги айар индустрия, IT, бырамыысыланнас, биотехнология уонна туризм курдук хайысхалары хабар хас биирдии көҕүлээһиннэрбитин сиһилии ырыттыбыт. Көрсүһүү сүрүн түмүгүнэн сырье буолбатах экспоры сайыннарыы биһиги сүрүн сорукпут буолуохтааҕын өйдөөтүбүт. Биһиги хамаандабытыгар араас эрэгийиэннэртэн — Калининградтан Камчаткаҕа диэри — тоҕус киһи киирэр. Хас биирдии киһи бэйэтэ ураты уопуттаах, Саха сирин сайдыытыгар туһуламмыт саҥа быһаарыылары оҥорорго күүспүтүн холбообуппутуттан үөрэбин», — диэн бырагыраама кыттыылааҕа Пётр Ефимов өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытта көрсүһүүттэн санаатын үллэһиннэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: