Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 12 күнүгэр Москваҕа Н.Н.Бурденко аатынан Сүрүн байыаннай клиническэй госпиталга сырытта.
Госпиталга Алдан, Мииринэй, Таатта, Усуйаана оройуоннарыттан сылдьар байыастар эмтэнэ сыталлар. Көрсүһүү кэмигэр бойобуой сырыыларын кылгастык ахтан аһардылар, Саха сирин сонуннарын ыйыталастылар, доруобуйаларын туругун кэпсээтилэр. Уолаттар санаалара самныбатаҕын, бары кыайыыга дьулуурдаахтарын, эрэллээхтэрин тиэртилэр.
Усуйаана улууһуттан төрүттээх байыас госпиталь быраастарыгар, бары үлэһиттэригэр улахан үлэлэрин, кыһамньыларын иһин махталын биллэрдэ.
“Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэригэр бэйэм баҕабынан барбытым уонна Угледар анныгар буолбут кыргыһыыга бааһырбытым. Бурденко аатынан госпитальга түргэнник тиэрдибиттэриттэн үөрэбин. Барыта үчүгэй, дьиэ кэргэним сибээскэ баар, төлөбүрү барытын ыллым”, — диир байыас.
Ил Дархан Горнай улууһун Бэс Күөл нэһилиэгиттэн сылдьар, дьиҥнээх күүстээх санаа, тулуур бэлиэтинэн буолбут Александр Федоровы кытта истиҥник кэпсэттэ. Кини устуоруйата Арассыыйа үгүс олохтооҕун долгуппат. Атахха ыараханнык бааһыран баран, 17 күн окуопаҕа сыппыт. Тыыннаах хаалар туһугар, атаҕын быһаҕынан бэйэтэ быспыт. Александр хас да эпэрээссийэни ааһан, билигин үтүөрэн эрэр.
“Аҕа дойду көмүскэлигэр турунан, эһиги туох кыаллары барытын оҥордугут. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн наадалаах көмө, ол иһигэр протеһы оҥорторуу, реабилитацияны ааһыы, барыта оҥоһуллуоҕа. Үтүөрэн, дойдугутугар төннүҥ”, — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сириттэн сылдьар бааһырбыт байыастар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…